Дьокуускай куоракка төрдүс сылын “Сахат” диэн чааһынай алын сүһүөх оскуолата үлэлээн кэллэ. Манна тоҕо уолаттары эрэ ылалларый? Орто сүһүөх оскуоланы аһыахтара дуо? Кыргыттар кылаастарын былаанныыллар дуо? Бу ыйытыыларга салайааччы, ырыаһыт Анатолий Бурнашев хоруйдуур.
Уһуйаантан — оскуолаҕа
— Анатолий, тоҕо оскуола аһарга санаммыккытый?
— Биир-икки күнүнэн быһаарыллыбатах дьыала. Маҥнай бэйэбит оҕолорбутун уһуйааҥҥа биэрэр кэммит тирээбитигэр, оччолорго миэстэ тиийбэт буолан, балаһыанньа уустугун бэлиэтии көрөн, “Күнтэгил” диэн уһуйааны арыйбыппыт.
Куорат оҕолоро икки симиэнэнэн үөрэнэллэрэ, 35-42 тиийэ оҕолоох кылаастар бааллара биллэрэ. Онон чааһынай үөрэхтээһин суолларын көрөн, уһуйааммытын салҕаан, оскуола аһарга быһаарыммыппыт. Эрдэттэн оннук былааннаах этибит.
Үөрэхтээһиҥҥэ лиссиэнсийэ үс көрүҥнээх: алын, орто сүһүөх уонна улахан кылаас. Билигин биһиги сыл аайы биирдии кылааһы эбэн иһэбит. Билиҥҥи туругунан, алын сүһүөҕү аһан үлэлэтэр бырааптаахпыт. Салгыы көрүөхпүт. Чааһынай тэрилтэ буолан, барыта үптэн-харчыттан, үлэһиттэн тутулуктаах. Мин ханна даҕаны ыксаабаппын. Уопсай үлэни-хамнаһы тэрийэн, онтон үптэнэр-харчыланар, өрө баһан ылар курдук буолбакка, 10-15 сылынан үлэ түмүгүн көрүөхпүн баҕарабын.
Кыргыттар оскуолалара
— Оттон орто сүһүөҕү аһар былааннааххыт дуу?
— Быйыл күһүн аһар санаалаахпыт. Ону таһынан, туспа кыргыттар оскуолаларын эмиэ былаанныыбыт. Күн бүгүн, оскуолабытыгар биэс уонча уол үөрэнэр. Кыргыттар кылаастарыгар эмиэ 25-тэн итэҕэһэ суох оҕону ылыахпыт. Билигин миэстэбитин көрдөнө сылдьабыт.
Уолу, кыыһы арааран үөрэтии
— Гендернэй иитии туох үчүгэйдээҕий?
— Билиҥҥитэ кыыһы, уолу туспа арааран, 500-тэн тахса оскуола үлэлиир. Биһиги “бастакы хараҥаччылар” буолбатахпыт. Үөрэх эйгэтигэр сүүһүнэн сыллар анараа өттүлэригэр олоххо киирбит ньыма.
Баҕалаах, өйүнэн-санаатынан сиппит, оҕобор гендернэй иитии туһалаах буолуо диир төрөппүттэр кэлэллэр. Маннык оскуола баар эбит диэн сүүрэн кэлэн оҕотун киллэрбит, салгыы үөрэтэ хаалларбыт, бэлэмэ суох буолан тахсан барбыт даҕаны төрөппүттэр бааллар.
— Бэлэмнээх диэн тугу этэҕиний?
— Африкаҕа да, Эмиэрикэҕэ да, Саха сирин ханнык баҕарар муннугар олорор үөрэх эйгэтигэр туох эрэ сыһыаннаах киһи, кыыс оҕо уол оҕоттон эт-хаан уонна өй-санаа өттүнэн кырата балтараа сыл сайдан иһэр диэн этиэҕэ.
— Оннук.
— Онно эн эмиэ сөбүлэһэҕин. Кылаас иһигэр бастакы ураты, арахсыы ити таҕыста. Кыыс оҕо арыый даҕаны чобуо, урутаан иһэр. Онон элбэх ыйытыыга хоруйдааччы – кини, дуосканы сотооччу – кини, көмөлөһөөччү – кини, кылаас ыстаарыстата – кини…
— Оччотугар сүрүн болҕомтону туохха уураҕытый?
— Аҥаардас уолаттар даҕаны үөрэнэллэринэн уратылаах. Оскуолаҕа кэллэххинэ, көрүөҥ буоллаҕа. Букатын атын энэргиэтикэлээх.
Аны үксүн эр дьон учууталы ыла сатыыбын. Билигин Арассыыйа оскуолаларыгар, хомойуох иһин, эр киһи учуутал аҕыйаан турар кэмэ. Манна дьүөрэлээн эттэххэ, кистэлэҥ буолбатах, аныгы кэмҥэ соҕотох ийэ олус элбэх. Эр киһи тыына, иитиитэ тиийбэтэ дьиэҕэ, уопсастыбаҕа эмиэ көстөр. Онон кэлэктиип аҥаара — эр дьон.
“Үөрэх — социальнай эйгэ”
— Ырыаһыт быһыытынан номнуо ааккын-суолгун оҥостубут киһигин. Хайдах баҕарар дьиэ кэргэҥҥин иитиэххин сөп этэ. Үөрэхтээһин ырыа эйгэтинээҕэр барыстаах дуо?
— Бу — социальнай эйгэ. Мин санаабар, өскөтүн, экэнэмиичэскэй өттүттэн көрөр буоллахха, социальнай эйгэ тыа хаһаайыстыбатынааҕар даҕаны барыһа суох. Оттон тыа хаһаайыстыбатын туһунан мин эйиэхэ быһаарарым ирдэммэт, хайдах балаһыанньалааҕын бэйэҥ көрө сылдьаҕын.
— Оскуолаҕа ыйдааҕы төлөбүр төһөнүй?
— Чопчу оскуоланы ыллахха, төрөппүттэр биһирииллэрэ диэн, биһиги 9 чаастан үөрэтэбит. Биир чааска диэри сүрүн үөрэхтээһин бүтэр. Эбиэттэн киэһэ эбии үөрэхтээһиннэр саҕаланаллар. Бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ 16 чааска диэри дьарыктаналлар, иккис кылаастан саҕалаан – киэһэ 18 чааска диэри. Оскуола уруучукатыттан, харандааһыттан саҕалаан, үрүксээгэр, бинсээгэр, аһылыгар тиийэ барытын хааччыйар. Төрөппүт тугу да атыыласпат. Аны оскуола араас түгэннэртэн страховкалатар. Эбии үөрэхтээһин дьарыктара, бассейннара барыта уруок быһыытынан барар. Дьиэтээҕи үлэлэрин оскуолаҕа ааҕаллар. Ыйдааҕы төлөбүр — 20 тыһыынча солкуобай.
Аныгы оҕо уонна гаджет
— Анатолий, аныгы кэмҥэ гаджет кыһалҕата сытыытык турар. Эһиги дьиэ кэргэн оҕолоргутун итинтэн хайдах харыстыыгытый?
— Биһиэхэ тэлэбиисэр суох буолбута уон сыл буолла.
— Дьиэҕитигэр тэлэбиисэр суох дуо?
— Этэбин дии, суох. Дьиэбитигэр тэлэбиисэр суох буолбута 10 сыл буолла. Кыыспыт 14 саастаах. Кини төлөпүөннээх, киниэхэ көҥүллэнэр. Уолбут үһүс кылааска үөрэнэр, кини эмиэ төлөпүөннээх. Ол гынан баран, ким төлөпүөнүнэн туттуохтааҕын, төһө уһуннук туһаныахтааҕын улахан кыыспыт хонтуруоллуур. Мин онно букатын кыттыспаппын.
Дьиҥэр, дьиэ кэргэҥҥэ барытын улахан оҕо быһаарыахтаах. Кинини хайдах иитэргиттэн тутулуктаах. Кыралар улахан оҕону батыһаллар.
Уопут атастаһыыта
— Саха сиригэр, Арассыыйаҕа төһө элбэх чааһынай оскуола баарый? Олору кытта уопут атастаһаҕыт дуо?
— Саха сиригэр чааһынай үөрэхтээһин киирбитэ быданнаата. Биһиги олору кытта улаханнык билсибэппит. Билигин ханна даҕаны тиийдэрбит өрүү уһуйааннары, оскуолалары көрөбүт, оҕо төрөппүккэ, тулалыыр эйгэҕэ, кыылга-сүөлгэ сыһыанын, оҕо бу дойдуга хайдах улаатыан сөптөөҕүн үөрэтэр, көрөр соруктаах сылдьабыт. Ааспыт ыйга кэргэммин кытта Москваҕа Ломоносов аатынан, «Кембридж», “Белая ворона” норуоттар икки ардыларынааҕы чааһынай оскуолалары көрдүбүт. Бу ситиһиилээхтик, табыллан үлэлии турар улахан оскуолалар.
— Туох үчүгэйи бэлиэтии көрдүгүт?
— Биири этиэхпин баҕарабын: биһиги Саха сиригэр олоробут, саха оҕолоругар анаан оскуоланы тэрийэбит. Атын сиргэ барыта баар, үчүгэй, бэйэлэрин оҕолоругар сөп түбэһэр гына оҥостубуттар. Биһиэхэ, сахаларга, эмиэ барыта баар. Ол үчүгэйи биһиги сыаналаабаппыт, “тэпсэ” сылдьабыт. Сонумсахтарбыт, ханна эрэ күлүм гынна да, онно ойон тиийэбит. Бэйэбит гиэнин тэпсэн туран, туох эрэ үчүгэйи көрдүүбүт. Ол саха оҕолоругар барыларыгар барсар, сөп түбэһэр буолбатах. Дьиҥэр, саха оҕотугар сахалыы майгы, сахалыы эйгэ, сахалыы “киэп кэтэрдиллиэхтээх”. Оччоҕо сөптөөх, билиилээх, таһымнаах киһи үүнэн-сайдан тахсар.
Киһиэхэ төрөөбүт эйгэтэ чугас. Холобур, Москваҕа мастара биһиэнинээҕэр үс төгүл үрдүктэр. Уопсайынан, сирэ-уота, салгына, килиимэтэ – барыта атын. Онно сөптөөх оҕолор төрүүллэр.
“Саха талааннаах, дьоҕурдаах омук”
— Саха оҕото ханна даҕаны тиийдэр, атыттары кытта тэҥ таһымҥа туруохтаах дииллэр дии.
— Ханнык баҕарар норуот өлбөт-сүппэт быатыгар көмүскэнэр ньымалардаах. Ким эрэ ахсаана элбэҕинэн, ким эрэ күүһүнэн, ким эрэ өйүнэн. Биһиги, сахалар — талааннаах, дьоҕурдаах дьоммутунан. Саха норуота саамай көмүскэнэр өрүтэ – ол. Уон саха уолун кэчигирэччи туруордахха, онуоннарыгар туох эрэ баар буолар. Уон омук киһитин кэчигирэччи туруордахха, онуоннарыгар туох да суох буолуон сөп. Саха киһитэ син биир ырыаһыт дуу, мындыр толкуйдаах дуу, уһанар дуу… Онус киһилэригэр туох даҕаны суох эбит диэн саныы турдахтарына, буочарынан дуу, тугунан дуу син биир атыттартан чорбойор, дагдайан тахсар. Норуот быһыытынан өлбөт-сүппэт, көмүскэнэр, иннин диэки хардыылыыр “куйаҕа” баар буолар. Эн, ол ону этэҕин.
— Саха оҕото тас дойдуга таҕыстаҕына атыттары кытта иҥнигэһэ суох кэпсэтиэхтээх диэн соругу туруораллар. Эһиги оскуолаҕытыгар хайдаҕый?
— Биһиэннэрэ билигин арыый кыралар. Маҥнайгы кылаастан англия тылын үөрэтэллэр. Уопсайынан, оскуоланы бүтэрэн тахсалларыгар сахалыы, нууччалыы, английскайдыы олох үчүгэйдик саҥаралларыгар баҕарабын. Онно эбии өссө икки атын омук тылын баһылыыллара эбитэ буоллар… Лабыгыраччы да саҥарбаталлар, син өйдүүллэрэ ордук этэ.
Мин оскуолабын бүтэрэллэригэр сиэптэригэр “А”, “В” категорияны, массыына ыытар, саа ылалларыгар көҥүлү ылан тахсалларыгар баҕарабын. Урут биһиэхэ барыта баар этэ эбээт. Трактороведение диэн уруок баара… Эр киһиэхэ ити барыта, нууччалыы эттэххэ, “прививка” буолар.
Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук
“Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук” диэн санаанан салайтаран, хайаан даҕаны оскуоланы баран илэ харахпынан көрдөхпүнэ табыллар диэн, ааспыт нэдиэлэҕэ анаан-минээн тиийэ сырыттым.
Киирээти кытта уолаттар үөрэнэр оскуолаларын тыына биллэн ааһар. Кимнээх эрэ отур-ботур кэпсэтэллэр, кимнээх эрэ сэриилэһэллэр, сорохтор уруһуйдууллар, маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр учуутал уу-чуумпуга олорон кинигэ аахтарар…
Бастакы кылаас үөрэнээччилэрин кылааһыгар киирээт даҕаны, хараҕым истиэнэ былаһын тухары ыйаммыт уруһуйга хатанар. Аныгы ойуулуктар (мультик) дьоруойдарыттан саҕалаан, сэриигэ тиийэ араас бары уруһуйдаммыт. Испэр “маладьыас да оҕолор” дии саныыбын. Билиҥҥи кэмҥэ дьиэтигэр олорор оҕо үксэ “төлөпүөн доҕордоох”. Оттон манна букатын атын көстүү эбээт.
Хаартыскаҕа түһэрээри, фотографпыт чөмөх-чөмөхтүү олордуталыыр, хаһыакка тахсыаххыт диэн быһаарар. Онуоха биир “эр бэрдэ”: “Бу эрэкэлээмэ дуо? Ийэм эрэкэлээмэ диэбитэ ээ”, — диэн “чап” гыннарар. “Суох, эрэкэлээмэ буолбатах”, — эрэ диэн хаалабын. Сэттэ саастаах кырачаан киһи сахалыы эйгэни, сахалыы иитиини “эккирэтэ” сылдьарбын хантан билээхтиэй…
Саха сирин тас өттүгэр
Бачча кэлбиччэ, үөрэнээччини кытта кэпсэппэккэ барар хайдах даҕаны табыллыбат. Онон арыый улахан оҕоттон оскуола туһунан туоһулаһарга сананан, 4-с кылаас үөрэнээччитин ыҥыртарабын.
Мин иннибэр Алеша Егоров олорор.
— Кылааспытыгар аҕыспыт. Манна үөрэнэр үчүгэй. Күҥҥэ үстэ аһаталлар, бассейннаахпыт, физкультуралаахпыт, элбэх куруһуок баар, эбиэппитигэр уһун переменалаахпыт. Мин саамай сөбүлүүрүм — астрономия уонна бассейн. Астрономияҕа телескобунан көрөбүт. “Долгун” бассейҥҥа сылдьабыт, тириэньэрбит харбыырга үөрэтэр. Бассейҥҥа былырыын Ньурбаттан кэлиэхпиттэн сылдьабын. Быйыл Саҥа дьылга туйгун үөрэнээччи буоллум. Олус улахан кыраамата уонна барыбытыгар бэрт улахан мөһөөччүктээх кэмпиэт биэрбиттэрэ. Билигин даҕаны бүтэрбэккэ сылдьабын.
Өссө сайын кылааспытыттан үс буолан Казахстаҥҥа бара сылдьыбыппыт. Онно англия тылыгар уонна көмпүүтэр оонньуутун оҥорорго үөрэммиппит. Уопсайбыт аттыгар олус улахан, кыраһыабай хайа баара”, — диэн кылаас туйгун үөрэнээччитэ үөрэ-көтө кэпсиир.
Казахстан университетын кытта сөбүлэҥ быһыытынан, оскуолаттан 15 оҕо былырыын сайын англия тылыгар, программированиеҕа үөрэнэн, дьарыктанан кэлбит. “Сахат” оскуола инникитин университеттары кытта үлэлэһэр былааннаах эбит.
Үөрэҕи, дьарыгы дьүөрэлээн
“Сахат” оскуолаҕа үчүгэйэ диэн, эбиэт иннинэ оҕолор үөрэнэллэр, күн иккис аҥаарыгар араас дьарыктардаахтар. Анатолий Аркадьевич ити туһунан эппитигэр, “тыый нэдиэлэҕэ биэс күн биир оскуолаҕа сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри хаайтаран олоруох диэтэххэ, “айыкка эбээт” диэн толкуйдаабытым да, таспар быктарбатаҕым. Онтум саахымат, таабырын, тэтимнээх ааҕыы, мас-оонньуу, каллиграфия, хайыһар, скаутинг, муусука, аман өс куруһуоктара, этикет, англия уруога, уо.д.а. элбэх. Аны бассейннаахтар, ону таһынан, бибилэтиэкэҕэ сылдьаллар, култуура тэрээһиннэрин көтүппэттэр эбит. Онон букатын төлөпүөҥҥэ оонньуур да быыс булбаттар, хал да буолбаттар. Ол курдук, биир чопчу дьарыгы ортотунан икки-үс нэдиэлэ ыыталлар үһү. Онтон атынынан солбуйан биэрэллэр.
Иккис кылаастар уонна кэмбиэрдээх сурук
Хаартыскаҕа түһэрээри 2-с кылаас оҕолорун балачча кэтэстибит. “Баһаалыста, кэтэһиҥ, кинилэр эмиэ хаартыскаҕа түһүөхтэрин баҕараллар”, — диэбиттэрин иһин, хайыахпытый, оҕолору хаартыскаҕа түһэр дьолтон матарыахпыт дуо, кэтэстибит. Чаас аҥаара курдугунан субуруһан киирэн кэллилэр. Көрүдүөргэ саҥа-иҥэ хойдо түстэ. Туоһулаһан билбитим, буостаҕа баран сурук ыыппыттар. Ортоку паартаҕа олорор уолтан ханна сурук ыыппытын ыйытабын: “Ээ, доҕорбор ыыттым. Хас хонугунан тиийэрин бэрэбиэркэлиэҕим”, — диэн улахан киһилии лоп-бааччы хоруйдуур. Ити аата, иккис кылаас оҕолоро буоста үлэтин кытта билсэн кэлбиттэр, олохторугар аан маҥнайгытын кэмбиэр хайдах толорулларын көрбүттэр, аан маҥнайгытын буостанан сурук ыыппыттар. Ити курдук, кыраттан саҕалаан, олоххо бэлэмнээх дьону иитэр соруктаахтар эбит.
Аны таҥнан тахсарбыт саҕана учуонай Гавриил Угаров-Эһээ Дьыл киирэн бэрт билэр киһилии сонун устан ыскаапка ыйыыр. Онтум, оҕолорго таабырын дьарыгын ыытар эбит. Дьоллоох да оҕолор! Эһээ Дьыл баай, толкуйдатар таабырыннарыгар уһуйуллан эрдэхтэрэ диэн, ымсыырабын эрэ.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.