Анастасия Никифорова үрдүк чиэскэ тигистэ

09.12.2019
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат дьаһалтатын кылаабынай саалатыгар элбэх оҕолоох ыаллар ийэлэрин чиэстээтилэр.


Кинилэр ортолоругар Хатас сэлиэнньэтиттэн Анастасия Никифорова (Слепцова) бу үрдүк чиэскэ тиксэн, «Ийэҕэ албан аат” бэлиэнэн наҕараадаланна.
Анастасия Аркадьевна кэргэнинээн алта оҕону күн сирин көрдөрөн улаатыннартаан эрэллэр.


Оҕолор: Ренат 7-с, Яна 4-с, Руслан 3-с кылаас үөрэнээччилэрэ, Юля “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаанын, Лия “Кустук” чааһынай уһуйаан иитиллээччилэрэ.
Чахчы да хорсун санаалаах, хоһуун дьон Никифоровтар бу тухары биирдэ да кыһалҕаланныбыт диэн кимиэхэ да үҥсэргээбэккэ, бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэн-истинэн, хайа сатанарынан дьиэ-уот тэринэн олороллор. Хата, төттөрүтүн, дьоҥҥо көмөлөһөллөр. Настя кэтэхтэн үөрэнэн, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын сиргэ сыһыан факультетын бүтэрэрэ чугаһаата, онон бэрт сотору үрдүк үөрэхтээх исписэлиис буолуо. Кини кыра эрдэҕиттэн эйэҕэс-сайаҕас, кэпсэтинньэҥ, туругас-олоругас буолан, мэлдьи олох үөһүгэр сылдьар. Нам улууһугар Граф Биэрэгэр училищеҕа үөрэнэр кэмигэр бөлөҕөр старосталаан, бииргэ үөрэнэр табаарыстарын туһугар элбэхтэ сүүрэн-көтөн, үөрэхтэрин бүтэрэллэригэр көмөлөспүтэ. Үөрэҕэр куруутун “үчүгэйдэр” кэккэлэригэр сылдьыбыта, ол да иһин буолуо, оччотооҕу куратора күн бүгүҥҥүгэ диэри сибээһин быспат. Дьиҥэ ол кэмтэн ыла уонунан сыл аастаҕа…
Настя дьиҥ үөрэҕин таһынан, өссө эбии анал куурустарга үөрэнэн, бэрт соторутааҕыта нэһилиэнньэҕэ өҥө оҥорор кэбиниэт арыйда. Бу кэбиниэккэ киирэн тахсыбыт кэрэ аҥаардар өссө кэрэтийэллэрин, тупсалларын туһугар кыһаллан-мүһэллэн үлэлиир. Маны таһынан такси сулууспатын салайар. Кинилэринэн айанныыр дьон араас араҥаҕа анаан чэпчэтиллибит тарыыптаахтар.
Настяны кытта сэһэргэстэххэ, киһи хайдах эрэ сэргэхсийэр, айыан-тутуон баҕарар. Киһи сүбэтин-аматын олус үчүгэйдик ылынар, толкуйдуур, ырыҥалыыр. Мин киниэхэ саамай үрдүктүк сыаналыыр хаачыстыбабынан кини инникигэ эрэлэ буолар. Тоҕо, туохтан, тугу, хайдах диэн толкуйдаах, сааһыламмыт санаалаах, инникигэ сыаллаах-соруктаах.

Дьэ онон, киэн туттуҥ “Ийэҕэ албан аат” бэлиэ хаһаайката Анастасия Никифорованан.

“Саха сирэ”, edersaas.ru cайтка анаан Наталия РУФОВА
Ааптар хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0