Социалистическай Үлэ Дьоруойа Анастасия Копыринаҕа анаммыт быыстапка аһылынна

Ааптар: 
19.03.2020
Бөлөххө киир:

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин дьиэтин үһүс этээһигэр  Социалистическай Үлэ Дьоруойа, чулуу ыанньыксыт  Анастасия Семеновна Копырина төрөөбүтэ 90 сылыгар анаммыт быыстапка аһылынна.

edersaas.ru.

Быыстапканы Уус Алдан улууһунааҕы мусуой уонна библиотека үлэһиттэрэ оҥордулар. Экспозицияҕа Дьоруой олоҕун, үлэтин-хамнаһын сырдатар хаартыскалары, докумуоннары уонна экспонаттары туруордулар.

—Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын историятыгар сүрүн оруолу бу тыйыс тымныылаах, кылгас сайыннаах хотугу дойдуга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыахха сөбүн бэйэлэрин таһаарыылаах үлэлэринэн дакаастаабыт чулуу үлэһиттэр ылаллар. Онон, Саха сириттэн 23 киһи Социалистическай Үлэ Дьоруойун, түөрт киһи Үлэ Албан аата уордьан толору кавалерын уонна Арассыыйа Үлэ Дьоруойун аатын ылбыта мээнэҕэ буолбатах. Үлэ Дьоруойа диэн биһиэхэ халбаҥнаабат аптарытыат, кинилэр бэйэлэрин холобурдарынан эдэр ыччаты иитэллэр, патриотизм, үлэҕэ бэриниилээх, эппиэтинэстээх, Ийэ дойдуга ис сүрэхтэн сулууспалааһын диэн тугун көрдөрөллөр. Онон, бу быыстапка ордук эдэрдэргэ ананар. Быйыл Арассыыйаҕа Өйдөбүл, Саха сиригэр Патриотизм сылыгар  урукку кэмҥэ таһаарыылаахтык үлэлээбит-хамсаабыт дьоммутун үйэтитэрбит олус наада, — диэтэ быыстапка аһыллыытыгар миниистир Александр Атласов итиэннэ Анастасия Семеновна дойдутугар Кэптэнигэ искибиэр оҥорорго этии киллэрдэ.
Уус Алдан баһылыга Алексей Федотов былырыыҥҥы 2019 сыл улууска Дьоруойдар сылларынан биллэриллэн, Дьоруойдар ааттарын үйэтитиигэ былааннаах үлэ ыытылларын кэпсээтэ, бу быыстапка онно анаммыт дьаһал буоларын бэлиэтээтэ.


Дьоруой төрөппүт кыыһа Марфа Новикова ийэтин үлэҕэ хорсун быһыыта эдэр көлүөнэ дьоҥҥо холобур буола турарыгар эрэнэрин эттэ:
—Соҕотох оҕото буоламмын, ийэбин батыһан пиэрмэҕэ кыра сааспыттан сылдьыбытым. Ыанньыксыт курдук ыарахан үлэҕэ ийэм Анастасия Степановна бэриниилээхтик үлэлээн, үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитин олус сөҕөбүн. Билиҥҥи ыччат, хомойуох иһин, урукку сылларга үлэлээбит дьон ааттарын-суолларын умнан иһэр. Онон, аҕа көлүөнэ үлэҕэ үгэһин үйэтигэр, сырдатар уонна холобур оҥостор олус наада.

Ыспыраапка

Анастасия Семеновна Копырина Уус Алдан улууһун I Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1948-1974 сс. Бартыһаан Заболоцкай аатынан холкуоска ыанньыксыттаабыта. 1963 с. хаалыылаах пиэрмэҕэ кэлэн, 1965 с. ынаҕын ахсыттан 1860 киилэ үүтү ыабыта, ити кэмҥэ холкуос көрдөрүүтэ ортотунан 450 киилэ этэ. 1967 с. туҥуй бургунастары тутан, бастакы сылыгар хас биирдиилэриттэн 1213, иккис сылыгар 2030, үһүс сылыгар 2487, төрдүс сылыгар 3240 киилэ үүтү ыабыта. Ити үрдүк көрдөрүүтүн иһин, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан, 1971 сыл муус устар 8 күнүгэр Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта. 1973 с. түөрт тыһыынчалаах кирбиини ситиһэн, ыанньыксыттар Бүтүн Сойуустааҕы ыҥырыыларын көҕүлээбитэ.1973 сыл балаҕан ыйын 6 күнүгэр Социалистическай Үлэ Дьоруойа буолбута. Дьоруой ыанньыксыт 1974 сылтан эдэр биир идэлээхтэригэр инструктор-наставнигынан үлэлээбитэ. 1985 с. сойуус суолталаах бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. ССКП обкомун уонна баартыйа Уус Алданнаҕы райкомун чилиэнинэн, райсэбиэт дьокутаатынан талыллыбыта. Икки Ленин уонна «Бочуот Знага» уордьаннарынан, элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ аатынан бэлиэтэммитэ.
Быыстапка кулун тутар 23 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0