Анал рейдэҕэ аһыы утаҕы иһэн баран уруулга олорбут 15 суоппар тутулунна

Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ, ол эбэтэр ыам ыйын 12-18 күннэригэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уруулга итирик туруктаах олорбут суоппардары тутууга рейдэ ыытыллыбыта. edersaas.ru

Ол түмүгүн СӨ ИДьМ-тын Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин управлениетын пресс-сулууспатын начаалынньыга Сергей Сетыньтан ыйыталаспыппытыгар: «Ити анал рейдэҕэ ГАИ иниспиэктэрдэрэ 400-тэн тахса суоппары бэрэбиэркэлээтилэр. Ити түмүгэр, 15 суоппар аһыы утаҕы иһэн баран уруулга олорбуттара билиннэ уонна массыынаны ыытар бырааптара былдьанна. Салгыы 15 суоппарга дьыала оҥоһуллан, суукка бэрилиннэ. Итини тэҥэ, бу күннэргэ тимир көлө айанын тэтимин тутуһууга эмиэ анал бэрэбиэркэ түмүгүнэн, 45 суоппар аһара түргэнник айаннаан, административной эппиэтинэскэ тардылынна», – диэн эппиэттээтэ.

Дьон эппиэтинэһэ суохтара, нүдьү-балайдара сөхтөрөр эрэ. Тимир көлөҕө итирик олорууну өлүүгэ тэҥнээх дииллэр. Дьиҥэр, итирик суоппар хайдах да буоллун диэххэ сөп. Саамай сүрүнэ, уулуссаҕа хаама сылдьар буруйа суох киһини дэҥнээн, суорума суоллуон сөп. Ол туһунан маннык хобдох сыыппаралар кэрэһэлииллэр. 2017 сыл саҥатыттан 305 СТБ (суол-транспорт быһылаана) тахсыбытын түмүгэр, 32 киһи суорума суолламмыт, 382 киһи эт-хаан эчэйиитин ылбыт. Оттон итирик туруктаах уруулга олорууттан 28 саахал тахсыбытыттан, 7 киһи тыына быстыбыт, 32 киһи эчэйбит. 

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0