Анал этии: Ыччаттарга болҕомто күүһүрдэ!

Ааптар: 
16.01.2020
Бөлөххө киир:

Киин куорат Уопсастыбаннай киинигэр тэриллибит Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха үгэс буолбут Анал этиитин истиигэ уонна дьүүллэһиигэ ыччат көхтөөхтүк кытынна.

edersaas.ru

Николай Мартынов, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, уопсастыбанньык:

— Владимир Путин быйылгы Анал этиитин демография боппуруостарыттан саҕалаата. Мин биир бэйэм итини эдэр ыччакка болҕомто өссө күүһүрэрин быһыытынан сыаналыыбын. Ол курдук, эдэр ыччат үөрэхтэнэригэр, сайдарыгар, үлэ булан үлэлииригэр, ыал буоларыгар, оҕо-уруу төрөтөрүгэр, дьиэ-уот туттарыгар барытыгар Анал этиигэ туруоруллубут соруктар төһүү күүс буолуохтара.
Иккиһинэн, Улуу Кыайыы 75 сылынан үйэтитии, бэтэрээннэргэ кыһамньы, патриотическай иитии боппуруостарыгар бэрт наадалаах дьаһалы таһааран эрэрин туһунан эттэ. Ону олус биһирии иһиттим, даҕатан эттэхэ, аҕам – бэтэрээн.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0