Анал этии: Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга өтөрүнэн көрүллүбэтэх үп – 12, 5 млрд солк

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга инники өттүгэр туох үлэ ыытыллыахтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Бастатан туран, үп туһунан эттэ.  Кэлэр сылга  тыа хаһаайыстыбатыгар    12,5 млрд солк.  көрүллүөҕэ, дьиҥэр, өтөрүнэн хаһан итиччэ үп көрүллэ илигэ биллэр. Айсен Николаев: «Эти, оҕуруот аһын бэлэмнээһиҥҥэ, бурдугу үүннэриигэ саҥа субсидиялар көрүллүөхтэрэ. Ону тэҥэ,  тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэргэ, Арктика  уонна бырамыысыланнай улуустарга  ынах аайы 45 тыһ. солк.,  биэ аайы 1,5-3 тыһ. солк.  көмөнү оҥоруохпут. Ааспыт үс сылга тыа  сирин олохтооҕор  социальнай хантараагынан көмө үс төгүл үрдүүрэ ситиһилинннэ. Быйыл 500 мөл. солк. көмө оҥоһуллан, тустаах көмөнү  5 тыһ. кэриҥэ ыал туһанна.  Кэлэр сылга 600 мөл. солк. тиийиэхтээх диэн сорудахтыыбын», — диэн эттэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0