Анал этии социальнай бэлиитикэ боппуруостарыгар туһаайылынна
Николай Дегтярев, СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ:
— Бу Анал этии социальнай бэлиитикэ боппуруостарыгар туһаайылынна диибин. Демография боппуруоһа – тутаах боппуруос. Билигин оҕо төрөөһүнүгэр чопчу сорудахтары эттэ. 90-с сыллар кэннилэриттэн төрүүр саастаах дьахталлар аҕыйааһыннара биллэр. Судаарыстыбаннай уорганнар, бэрэстэбиитэллээх уорганнар сөптөөх нормативнай-быраап аакталарын түргэнник ылыныахтаахтар. Конституцияҕа үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин быһаччы суруйарга этилиннэ. Үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ ыраас буолуохтаах. Ханнык даҕаны эбии төлөбүрдэр киириэ суохтаахтар. Дьон аҥаардас тиийинэн эрэ олорор буолбакка, хамнастара үрдүк буолуохтаах. Уопсайынан, Конституцияҕа уларытыылары киллэрэргэ нэһилиэнньэҕэ аһаҕастык дьүүллэһии ыытыллыахтаах, референдумунан быһаарыллыахтаах диэбитэ сөптөөх. Анал этиигэ инвестиционнай бырайыактарга үбү-харчыны ыытарга этиитэ олус суолталаах. Муостабытын, атын суолларбытын да тутарбытыгар үп-харчы эбиллиэ диэн эрэнэбит.
Хамнаска доруобуйа харыстабылыгар хамнаска саҥа тиһик—дойду үрдүнэн биир базовай акылаат олохтонорун чопчулаата. Олус элбэх ноҕоруусканы сүгэр кылаас салайааччыларыгар эрэгийиэн биэрэр харчытын оннунан хаалларан туран, 5 тыһыынча солкуобайы федеральнай үптэн эбэргэ эттэ. Биһиги федерациябыт Үлэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэни кытта бу боппуруостарга ыкса үлэлэһиэхпит.
edersaas.ru