Анал этии: Арктика сайдыыта — өрөспүүбүлүкэ сайдыыта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Прокопий Николаев, Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ:
—Айсен Николаев Анал этиитигэр Арктика сайдыытын биир чорботуллар сорук быһыытынан бэлиэтээтэ итиэннэ боппуруоһу кэлимник быһаарар инниттэн, Арктика министиэристибэтин тэрийэргэ эттэ.
Арктика территориялара промышленнай таһымынан сайдыыларыгар тырааныспар инфраструктурата тирэх буолар. Билигин Хотугу муора суолунан таһаҕаһы тиэйии-таһыы ыытыллар эрээри, анал хааччыйар өҥөнү тэрийии саҥа саҕаланан эрэр. Муора хаһаайыстыбатын комплексын урутатан сайыннарыы Хотугу муора суолунан сырыыны кэҥэтиэҕэ, өрөспүүбүлүкэ Илиҥҥи Арктика муоратааҕы сүрүн субьега буоларыгар кыаҕы биэриэҕэ итиэннэ аэропортары саҥардан, суол-иис инфраструктуратын сайыннаран, норуот туттар табаардарын тиэйии-таһыы логистикатын төрдүттэн тупсарыаҕа.
Арктиканы сайыннарыыга кэлимник сыһыаннаһыы салалта саҥа тиһигин тэрийэри ирдиир. Арктика социальнай-экономическэй сайдыытын Стратегиятын, Арктиканы кэлим сайыннарыы бырагырааматын ырытан оҥоруу, судаарыстыбаннай бырагыраамаларга тустаах салаалары киллэрии хотугу улуустарга хамсааһыны таһаарыы төһүү ырычааҕа буолуохтара. Сомоҕолоһуу сылыгар былаас бары тиһигэ, бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай күүстэр бу соругу олоххо киллэриигэ бары бииргэ турунуохтара диэн эрэнэбин.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0