Анал этии. Айсен Николаев: “Доруобуйа харыстабылын систиэмэтин төрдүттэн уларыттахпытына эрэ…”

17.12.2019
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 16 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) Ыҥырыы таһаарда. Ыҥырыыга доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах уларыйыылары бэлиэтээтэ.

edersaas.ru

Айсен НИКОЛАЕВ:
-Быйыл дьоһуннаах ситиһии доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр ылылынна – Уһук Илиҥҥэ саамай инники иһээччилэртэн биирдэстэринэн буолуохтаах икки улахан медицинскэй киин тутуута саҕаланна.
Дьокуускайга федеральнай бүддьүөттэн 4 млрд 100 мөл.солкуобай үбүлээһиннээх Кардиососудистай киин тутуута толору хаамыынан баран иһэр. Өр сыллаах улахан үлэ түмүгүнэн, биһиги Онкология киинин тутарга 5 млрд 900 мөлүйүөн солкуобайы үбүлээһиҥҥэ дойду салалтатын өйөбүлүн ылары ситистибит, тутуу өрөспүүбүлүкэ үбүн суотугар саҕаламмыта. Бу икки улахан эбийиэги үлэҕэ киллэрии өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар үрдүк технологиялаах медиссиинэ табыгастаах буоларын дьоһуннаахтык үрдэтиэҕэ, сүрэх-тымыр уонна искэн ыарыыларыттан өлүүнү аҕыйатыаҕа.
Ону таһынан, “Искэн ыарыыларын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырайыак чэрчитинэн, быйыл Дьокуускайга, Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Нерюнгри уонна Мииринэй оройуоннарыгар амбулаторияларга онкология көмөтүн 9 киинэ номнуо аһылынна.


Уонунан сылларга Соҕурууҥу Саха сирин мэдиссиинэтигэр улахан болҕомто  аан бастаан  уурулунна. Эһиил Нерюнгрига оҕо поликлиникатын саҥардыы үлэтэ түмүктэниэхтээх. Бырайыактыыр-смета докумуоннарын оҥоруу түмүктэнэригэр, 2020 сылга Нерюнгри оройуонун атын да эмтиир эбийиэктэрин былаанынан саҥардыыга бытаарбакка ылсарга бырабыыталыстыбаҕа сорудахтыыбын.
Билигин биир кэлим быһаарыылары доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенота эрэйэр. Миэстэтигэр медицинскэй көмөнү оҥоруу систиэмэтэ уонунан сылларга уларыйбата уонна сайдыбата. Бу материальнай базаҕа, каадырынан хааччыллыыга уонна, уопсайынан, доруобуйа харыстабылын тэрийиигэ сыһыаннаах. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ хас онус эмтиир тэрилтэ саахалланар кутталлаах эбэтэр көһөрүүнү эрэйэр, олохтоох өрөмүөҥҥэ 330 дьиэ наадыйар. Медицинскэй тэриллэр эргэриилэрэ 70-80 бырыһыаҥҥа тиийдэ.
Учаастактааҕы балыыһалар, амбулаториялар, биэлсэр-акушер пууннара (ФАП) нэһилиэнньэҕэ медицинскэй көмө хаачыстыбатын хааччыйар кыахтара суох. Өрөспүүбүлүкэ элбэх оройуонун олохтоохторо миэхэ суруйаллар, доруобуйа харыстабылын систиэмэтэ бу сыллар тухары уларыйбатын, мөлтүүрүн, аныгы таһымнаах медицинскэй көмөнү ылар кыахтара суоҕун туһунан үҥсэллэр.
Уонунан сылларга мунньуллубут кыһалҕалары, ол иһигэр штаты оптимизациялааһын, быһаарыы уустук дьаһаллары ыларга күһэйэр. Онон сибээстээн, бырабыыталыстыбаҕа хас биирдии эмтиир тэрилтэҕэ, эмп үлэһитигэр тус хайысхалаахтык сыһыаннаһарга, үлэтэ суох хаалар дьоҥҥо үлэ биэрэргэ туох баар көрүҥҥэ барытыгар этии киллэрэргэ сорудахтыыбын.
2020 сылтан саҕаланыахтаах доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын эрэгийиэннээҕи бырагырааматын чэрчитинэн, миэстэтигэр медицинскэй көмөнү оҥоруу саҥа систиэмэтэ оҥоһуллуохтаах, ураты болҕомто медицинскэй каадырдарга ууруллуохтаах, доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун быраастарын тус сыаллаахтык бэлэмнээһин тэриллиэхтээх, сэлиэнньэлэргэ уонна бөһүөлэктэргэ медицинскэй тэрилтэлэр каадырынан хааччыллыыларыгар үлэни киэҥник ыытыллыахтаах. Ол иһигэр, “Тыа сирин дуоктара” бырагыраама курдук өйөбүл дьаһалларыгар тирэҕирэн.

Ахсынньы 12 күнүгэр доруобуйа харыстабылын боппуруостарыгар Судаарыстыбаннай сэбиэт президиумун мунньаҕын (мин кыттыыны ыллым) түмүктэринэн, Арассыыйа бэрэсидьиэнин сорудахтара бигэргэтилиннилэр. Кылаабынайа, Уһук Хотугу сиргэ медицинскэй тэрилтэлэри нуорманан буолбакка, смета сууматынан үбүлээһин туһунан өрөспүүбүлүкэ туруорбут боппуруоһа быһаарылынна. Дойду бэрэсидьиэнэ кыра уонна ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга медицинскэй көмө төлөбүрүн социальнай-экэнэмиичэскэй уонна айылҕа-килиимэт усулуобуйатын учуоттаан, саҥа бэрээдэги быһаарарга сорудахтаахта. Ону сэргэ, санитарнай авиацияҕа субсидияны эрэгийиэннэр наадаларын учуоттаан, хос көрөргө сорудахтаата.
Бу дьаһаллар хоту сытар ыраах оройуоннар олохтоохторугар бастакы сүһүөх медицинскэй көмө хаачыстыбатын тупсарар кыаҕы биэриэхтэрэ. Билигин Арктикаҕа медицинскэй көмөнү тэрийии үгэс буолбут моделлара туһалара суоҕа көһүннэ. Арктика улуустарыгар ыарыыттан өлүү, Саха сирин орто көрдөрүүтүгэр тэҥнээтэххэ, 20 бырыһыанынан үрдүк, оттон быраастарынан хааччыллыы 22 бырыһыанынан намыһах. Кыһалҕа сытыытын учуоттаан, өрөспүүбүлүкэ ыраах сытар оройуоннарыгар медицинскэй көмөнү оҥоруу уратылара учуоттанар нуорма базаларын оҥорон, Арктика мэдиссиинэтигэр туспа блогу тэрийэр кэм кэллэ дии саныыбын.
Өссө эбэн эттэххэ, өскөтүн нэһилиэнньэ доруобуйата, ардыгар олохторо даҕаны төрүт бюрократияттан тутулуктанар буоллаҕына, ханнык да үп бэриллиитэ, инфраструктураны тупсарарга ханнык да холонуулар, балыыһалар сэбилэниилэрэ дьоҥҥо туһалаабаттар.
Сыһыаны, сыаннастар систиэмэлэрин (болҕомтоҕо хас биирдии киһи уонна киһи доруобуйата буолуохтаах) уларыттахпытына эрэ, Саха сирин олохтоохторугар оҥоһуллар медицинскэй көмө хаачыстыбатын төрдүттэн тупсарар кыахтаахпыт.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

Хаартыскалар СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин сайтыттан ылылыннылар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0