Анал этиини олоххо киллэрэргэ – 4,5 трлн солкуобай

23.01.2020
Бөлөххө киир:

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитин олоххо киллэрэргэ хааһына тутула уларыйыан наада. Ол туһунан «Известия» иһитиннэрэр. Бырабыыталыстыба саҥа бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин туруоруллубут соругу ситиһэргэ 2024 сылга диэри эбии 4,5 триллион солкуобай көрүллэрэ наадатын бэлиэтээн турар. Премьер-министр сорудаҕынан, олунньу 11 күнүгэр диэри Үп уонна Үлэ министиэристибэтэ бүддьүөккэ уларытыы киллэриэхтээхтэр.

edersaas.ru

450 миллиард солкуобай номнуо быйыл наада буолуоҕа. Бу ороскуоту төлүүргэ казначействоҕа ордубут харчыны уонна бырабыыталыстыба резервнэй пуондатын үбүн туттуохтара. Кэлэр түөрт сылга икки триллион солкуобай хааһынаҕа баар уонна оччо тиийбэт курдук. Ону толуйарга нолуокка чэпчэтии сотуллуон сөп. 2020 сылга нолуокка чэпчэтии  4,1 триллион солкуобайга тэҥнэһэр.

Харчы булар атын ньыма – судаарыстыбаннай хампаанньалар дивидиэн төлүүллэрин ситиһии уонна НДФЛ нолуогу хомуйуу. Эбии ороскуот улахан аҥаарын федеральнай бүддьүөт уйунуохтаах. Итиниэхэ олоҕуран, нолуок төлөөбөт дьону эппиэтинэскэ тардыахтара, дохуот киириитин хонтуруоллуохтара уонна Резервнэй пуонда үбүн туттуохтара.

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0