Анал этии: 2022 сыл Ийэ сылынан анаммыта муударай быһаарыынан буолар

Бөлөххө киир:

Айхал Габышев, Саха сиринээҕи «Аҕалар лиигалара» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта:

Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев  Анал этиитигэр, бастатан туран,  өрөспүүбүлүкэбит  социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн  хайдах-туох салаллан сайдыахтаах хайысхаларын чопчу, ыйан-кэрдэн биэрдэ.  Ааһан эрэр сылга сүрүн түмүктэри оҥордо. Кэлэр өттүгэр эрэгийиэн Бырабыыталыстыбата, Парламена, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара, экэниэмикэни иилиир-саҕалыыр улахан тэрилтэлэр бииргэ үлэлээн, ханнык сүрүн боппуруостар уталытыллыбакка быһаарыллыахтаахтарын сиһилии ыйда.

Ил Дархан Анал этиитэ сүрүннээн дьон-сэргэ олоҕо тупсуохтааҕын, киһи доруобуйата инники күөҥҥэ тутуллуохтааҕын түстүүр, кэрэһэлиир ураты аналлаах. Айсен Сергеевич күүстээх санаалаах салайааччы буолар,  Саха сирин олохтоохторун туһугар   Арассыыйа таһымыгар сөптөөх үлэни тэрийэр, туруулаһар. Кини  өрөспүүбүлүкэ оҕотуттан саҕалаан  аҕам саастаах дьонугар тиийэ аҕалыы амарахтык сыһыаннаһар.

Ил Дархан кэлэр сылларга сүрүн сыалынан-соругунан  билиҥҥи түргэн тэтимнээхтик уларыйар кэмҥэ дьоҥҥо харыстабыллаах сыһыан, олох сыаннастарын  араҥаччылыырга аналлаах үлэлэри ыытыы, тэрийии барыахтааҕын ыйда. Бары бэркэ диэн билэбит, быйыл сайын Саха сиригэр ойуур баһаардара хаһааҥҥытааҕар да элбэхтик, суостаахтык турдулар. Аны онно эбии коронавирус дьаҥа эмиэ сэтэрээн ылбыта. Бу балары бохсууга  анал исписэлиистэр, үлэһиттэр, нэһилиэнньэ уонна маҥан халааттаах аанньалларбыт күүскэ турунан үлэлээбиттэрэ. Кинилэргэ барыларыгар Ил Дархан Айсен Николаев ис сүрэҕиттэн махтанарын биллэрдэ.  Санатар буоллахха,  өрөспүүбүлүкэ аҕалара, эр дьоно ойуур баһаарын умуруорууга утуйалларын да, аһыылларын да умнан туран, түүннэри-күнүстэри атахтарыгар тура тэбинэн туран кииристилэр уонна кыайдылар.  Ил Дархан экология боппуруостара быһаарыллар сүрүн хайысхаларын дьэҥкэтик быһааран биэрдэ. Олортон сүрүннэринэн, хара буруонан бүрүллэн сытар ойуурдары чөлүгэр түһэриигэ сөптөөх үлэ ыытыллар буолла. Онон сибээстээн манна аналлаах комплекснай бырагыраама оҥоһуллуоҕа.

Айсен Сергеевич, кэлэр сылы Саха сирин үрдүнэн Ийэ сылынан биллэрбитэ олус долгутуулаах да, үөрүүлээх да түгэнинэн буолла.  Хас биирдиибитигэр ийэ улахан оруоллааҕын, суолталааҕын ыйда.  Кэлэр сылга  кырачаан киһини күн сиригэр көрдөрбүт ийэҕэ эбии 100 тыһ. солк. бэриллэрин нэһилиэнньэ астына, үөрэ иһиттэ. Ону тэҥэ, биэстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн нолуоктан босхолонорун иһитиннэрдэ.  Биһиги бары өйдүөх тустаахпыт, дьиэ кэргэн хас биирдии киһиэхэ саамай күндү, саамай инники күөҥҥэ сылдьыахтааҕын. Кыахтаах, иллээх, элбэх оҕолоох, элбэх дьонноох-сэргэлээх дьиэ кэргэн – судаарыстыба сүрүн тирэҕэ уонна төрүтэ.

“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа  сийиэһигэр   РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа национальнай идиэйэтинэн  бигэ тирэхтээх дьиэ кэргэн буоларын ыйбыта элбэҕи кэрэһэлиир, туоһулуур. «Мин элбэхтик истэбин биһиэхэ национальнай идиэйэ наадатын туһунан. Бары ити туһунан этэллэр-тыыналлар.  Элбэх оҕолоох, бигэ тирэхтээх дьиэ кэргэн  Арассыыйа инникитин түстээччинэн буолуохтаах», — диэн саамай сөпкө эппит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0