РФ ОДьКХ-тын реформалааһыҥҥа пуондатын генеральнай дириэктэрэ Константин Цицин былырыын от ыйыгар кэлэ сылдьан, өрөспүүбүлүкэҕэ хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын хонтуруоллуурга анал оробуочай бөлөҕү тэрийэр туһунан эппитэ. Тоҕо диэтэххэ, бырагырааманы олоххо киллэрии бытаарбыта.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Бытаарыы тоҕо таҕыста?
Анал мунньахха дьиэни тутар бэдэрээтчиттэри булууга уонна үлэ былаанын аттарыыга «доҕолоҥнооһун» баар диэн быһаарбыттара. Онуоха Ил Дархан Егор Борисов: «Үлэ былаан быһыытынан этэҥҥэ бара турар диигит. Ону Константин Георгиевичка барыта этэҥҥэ диэн тиэрдэбин. Оттон быһаарсыы буоллаҕына, туох эмэ кыһалҕа тахсан кэлэр. Маннык буолуо суохтаах. Федеральнай бүддьүөттэн үп көрдөөн ылабыт, ону кыайан туһаммакка олорорбут адьас сыыһа», – диэн кытаанахтык сэмэлээбитэ.
Билиҥҥи турук хайдаҕый?
Санатар буоллахха, бу анал бырагыраамаҕа 2012 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри докумуоннара оҥоһуллан киллэриллибит эргэ дьиэлэр хабыллыбыттара. Ол курдук, бырагыраамаҕа элбэх кыбартыыралаах 1700 дьиэ (490 тыһ. кв м иэннээх) киирбитэ. Билиҥҥи туругунан, мантан 55 %-на туолбут, барыта 20 тыһ. киһи саҥа дьиэнэн хааччыллыбыт. Болдьох адьас ыган кэллэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу бырагыраама чэрчитинэн, өрөспүүбүлyкэ үрдүнэн 178 дьиэ тутулла турар.
Бу үлэ түөрт түһүмэхтээх. Мантан иккитэ олоххо киирэн турар. Үһүс түһүмэххэ 113 тыһ. кв м иэннээх дьиэ тутуллуохтааҕыттан 80 %-на олоххо киирбит. Хаалбытын быйыл бастакы кыбаарталга диэри ситэриэхтэрэ. Төрдүс түһүмэх былаанынан 158 тыһ. кв м иэннээх саҥа дьиэ тутуллуохтаах. Бу икки түһүмэҕи олоххо киллэрии күүскэ барар.
Улуустарынан этэр буоллахха, инники күөҥҥэ былааннарын толорбут Жатай бөһүөлэгэ уонна Таатта улууһа иһэллэр. Сунтаар, Томпо, Хаҥалас уонна Чурапчы улуустара куһаҕана суох көрдөрүүлээхтэр. Бырагыраама былаанын олоххо киллэрэр кыахтаахтар. Мөлтөх балаһыанньалаахтарынан Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустара уонна Чернышевскай, Сангаар бөһүөлэктэрэ буолаллар. Адьас куһаҕан көрдөрүүлээх – Нерюнгри куорат. Дьиҥэр, бырагыраама чэрчитинэн, саамай элбэх саҥа дьиэ тутуллуохтаах. «Унипур» ХЭУо 9 мэндиэмэннээх икки дьиэни кыайан үлэҕэ киллэрэ илик. Мантан сылтаан Нерюнгри оройуонун дьаһалтата былаан олоххо киириэ суоҕун өйдөөн, бырагыраама үбүнэн иккис ырыынактан (вторичнай) кыбартыыралары атыылаһан эрэрэ иһиллэр.
Вера Кузакова, СӨ архитектураҕа уонна тутуу комплексыгар миниистирэ:
– Улуус баһылыктара олунньуттан саҕалаан кулун тутарга диэри тутуу хампаанньалара дьиэ матырыйаалын уһаппакка-кэҥэппэккэ тустаах аадырыска тиэрдэллэрин күүскэ хонтуруоллуохтарын наада. Бу ордук хоту улуустарга сыһыаннаах. Быйыл бырагыраама былаана олоххо киирэригэр кулун тутартан саҕалаан бэс ыйыгар диэри күүстээх үлэ ыытыллан, атырдьах ыйыгар тутар-таҥар үлэлэр түмүктэниэхтээхтэр. Бу болдьох кытаанахтык тутуһуллуохтаах. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр муниципальнай тэриллиилэр саҥа дьиэ хаһаайыттарын кытары дуогабары түһэрсиэхтээхтэр.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru