Анааран суруйар суруналыыстар үлэлэрин сомсон

16.10.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска ааптар тус архыыбыттан.

“Эдэр саас” хаһыат от ыйынааҕы таһаарыытыгар “Эдэр суруксут санаата” диэн ыстатыйа салгыытын суруйабын диэххэ сөп. “Саха сирэ” хаһыакка өр сылларга үлэлээбит суруналыыс, РФ Суруналыыстарын Сойууһун, СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, СӨ Бэчээтин туйгуна Айталина Никифорова бу курдук суруйбутун олус сэҥээрэ аахпытым:

Хаартыска: edersaas.ru

Олохпут тэтимэ олус түргэтээтэ, информационнай технология кимэн киирэн, саҥаттан саҥа бэрт сэргэх эрээри, ис хоһоон өттүнэн татым ньыманы кута турар. Билигин киһи барыта блогер буолла. Ону кытта суруналыыстыка идэ быһыытынан суураллан хаалбыт курдук. Билини билинимэ, аныгы кэмҥэ дьон хамсыы турар хартыыҥканы хараҕынан көрөр информацияны ыларын ордорор буолла. Ол иһин, билигин блогердар уһук тиэкиһи суруйбакка, наар видео устуутугар көстүлэр. Наар дьон ирдэбилин толорор туһугар ким хайдах сатыырынан турунна. Ону үчүгэй өрүт диэн сымыйалыыр санаам суох. Манан бүтүн нация толкуйдуур, анаарар, ырытар уонна саамай тутааҕа ис туругар ылынан үтүөҕэ, кэрэҕэ иитиллэр кыаҕа суураллар. Эһиги эмиэ өйдүүргүт буолуо, наһаа өр социальнай ситимнэргэ олордоххо, киһи сылайар, туспа – туора олох сүүрээнэ киирэн, киһиэхэ соччото суохтук дьайар. Кинигэни ааҕан баран, биир тутум үрдүүр буоллаххына, манна – намтыыгын. Төһө да бэйэлээх үтүө блогер сирэйин көр. Саҥаны ылынарыҥ, дууһалыын байарыҥ саарбах.

Хомойуох иһин, ону кытта суруналыыстыкаҕа ирдэбил улаханнык уларыйда. Наар кылгас суруйууну ааҕа үөрэммит дьон кыраһыабай хартыынаҕа эрэ наадыйаллар. Мэйиилэрэ үлэлээбэт буолан, сүрэҕэлдьээн, оннукка бэрт кэбэҕэстик үөрэннилэр… Ол туһунан үгүс уйулҕа учуонайдара, биологтар этэллэр. Суруналыыстар сатаан бэйэбит идэбитин турууласпатыбыт. Уопсастыба ирдэбилигэр эппиэттии охсор туһугар оҕуннубут. Билигин киһини долгутар очеркалар, дириҥ ис хоһоонноох интервьюлар, ыстатыйалар олох аҕыйахтар, ким да аахпат диэн, күдээринэ ааһар кылгас бэлиэтээһиннэри суруйуу.

Биһиги сыахпытыгар дьиҥнээх суруналыыстар бааллар. Кинилэр дьону өмүтүннэрэ сатаан айдаарбат буолан биллибэт курдуктар. Чуумпуран олорон өй уонна дууһа үлэтин толороллор. Кэлэр көлүөнэ кинилэр суруйууларын ааҕан, аныгы кэми билиэҕэ. Күннээҕинэн хаалар иһитиннэриинэн буолбакка, олохтоохтук анааран суруйар суруналыыстар үлэлэриттэн элбэҕи сомсуохтара. Ол чуолкай. Дьиҥэр, сахалыы суруйар суруналыыстар тарбахха баттаналлар эбээт.

Хаһыаттары национальнай бибилэтиэкэ сыа – сым курдук тутан уурунара олус хайҕаллаах! Онон биир идэлээхтэрим дууһаларын ууран суруйбуттара – бичийбиттэрэ үйэлээх дьыала. Ханнык даҕаны бэйэлээх көмпүүтэр суруналыыс кыраҕы хараҕынан көрөн, анааран суруйбутун курдук суруйар кыаҕа суох.

Салгыы — эдэр суруналыыс санаата

Кырдьык да, саха суруналыыстыката сарсыҥҥылаах, сайдар саргылаах буоларын, биһиги, эдэр дьон эрэ хааччыйыахпыт. Ким да ону биһиги оннубутугар оҥорон, толорон биэриэ суоҕа. Айталина Никифорова суруйбутунуу, өй уонна дууһа үлэтин толорооччулар үксүөхтэрин наада. Ол сүрдээх уустук буолуон сөп. Аҕыйах биэс — уон эҥин сылынан саҥа көлүөнэ кэлэрэ ирдэниэҕэ.

Кэнники сылларга сахалыы суруналыыстыка эйгэтигэр ыччат аҕыйаҕын бэлиэтиэххэ сөп. Таһым намтаатар намтаан иһэр, биир да сахалыы этиини кыайан суруйбат буоллулар дииллэр. Бу маны сытыытык буолбакка, арай олоххо баар кыһалҕа курдук этиэхпин баҕарабын. Билиҥҥи ыччат бэрэстэбиитэлэ буоларым быһыытынан, эдэр суруйар баҕалаах дьон баар диэн этэбин. Хотугулуу – Илиҥҥи федеральнай университекка суруналыыстары үөрэтэр таһаарар икки үөрэх баар: филологическай факультет иһинэн суруналыыстыка хаапыдырата уонна Хотугулуу – Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун саха литературатын хаапыдырата. Билигин көрөбүн: биэс куурус тухары бу үөрэхтэргэ араас интэриэстээх, чаҕылхай ыччат элбэх. Ама кинилэр суруналыыстыка эйгэтигэр киирэн, кылааттарын киллэрсиэ суохтара дуо? Үлэлиэхтэрэ, айыахтара – тутуохтара диэн эрэллээхпин.

Холобур, бу сайын, биһиги, ЛТ-21 бөлөх эрэдээксийэлэргэ быраактыканы ааспыппыт. Ким эрэ – хаһыакка, сурунаалга, атыттар – тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа. Олус сэргэхтик үлэлээбиппит, уһуйааччылар сэҥээрбиттэрэ. Миигин кытта бииргэ суруналыыстыка хаапыдыратын кыыһа Диана Антонова ааспыта, үлэтин дьоһуннук толорор дии санаабытым. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум Аина Власьвеа – «Айар” кинигэр кыһатыгар, Зоя Юмшанова – «Саха” НКИК – ҕа, Кира Пахомова, Тимофей Гаврильев — Ньурба улууһун, Сайыына Черкашина – Уус Алдан улууһун хаһыаттарыгар ситиһиилээхтик үлэлээбиттэр этэ. “Суруналыыс үлэтэ уустук эбит, түргэн – тарҕан, идиэйэлээх, тылга сыыспат буоуохха наада эбит”, — диэбиттэрэ. Билигин – үһүс куурустарбыт.

Суруналыыс идэтигэр элбэх кыһалҕа баар. Ол эрээри, саамай кутталлааҕа – суруналыыс умуллубут харахтара. Онон куруутун үлэлии-хамныы, үүнэ-сайда сылдьыахха наада. Эниэргийэни эргитээһин туһунан идэ буолар. Билиниэххэ наада, суруналыыстар социальнай ситимнэр күрэстэһиилэригэр хоттордубут. Информация түргэнник тиийэр буолла. Ол иһин, интэриэһинэй, туһалаах контент оҥорор, бэйэбит хатыламмат буочарбытын, ааҕааччыбытын булар кэммит кэллэ дии саныыбын. Билиҥҥи үйэ суруналыыһа олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар киһи буолуохтаах. Олоҕу хамсатааччылар да ахсааннарыгар киирсэр.

Тыл күүһэ олус сүҥкэн. Биһиги инникибит — оҕо уонна ыччат. Кинилэр кэскиллээх олоҕу түстэһэр дьон буолалларын туһугар үлэлиибит. Онно сахалыы сөптөөх саҥа, сурук – бичик элбиэн наада. Ол дьиҥнээхтик анааран суруйар, таһымнаах, уопуттаах суруналыыстар уонна эдэр дьон үтүө ситимнэриттэн тахсар.

+1
56
+1
29
+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0