Дьиҥэр, анаалыстар кырдьыктаах балаһыанньаны «кэпсииллэрэ» үксүгэр анаалыс туттарарга сөпкө бэлэмнэнэртэн тутулуктаах.
Ол туһунан Медицина Дьокуускайдааҕы киинин клиническэй-диагностическай лабораториятын ыстаарсай фельдшер-лаборана Александра Семенова кэпсээбитин билиһиннэрэбит.
– Диета, эти-сиини эрчийии, стресс, бэл хаан туттарарга туттан-хаптан олоруу (олорор балаһыанньаҥ), араас эми иһии, процедуралар ыарыһах туругун уларыталлар. Ол аата доруобуйаны чинчийии түмүктэригэр биллэрдик дьайаллар.
Анаалыстар түмүктэрэ төһө кыалларынан чахчылаах буолалларын туһугар маннык быраабылалары билэр туһалаах.
Хаан анаалыһа
– Хааҥҥын туттарыаҥ иннинэ эт-сиин ноҕуруускатыттан, арыгыны уонна эми иһииттэн туттун. Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн эбии аһаама, сарсыарда анаалыс туттарыаҥ биир чаас иннинэ тура сатаа. 12 чаас устата аһаама. Ол эрээри, 16 чаастан ордук кэмҥэ аччыктыа суохтааххын.
— Суогу, чэйи, кофены уонна да атын утаҕы иһиллибэт. Ол оннугар гааһа суох көннөрү ууну иһиэххэ сөп.
— Уһуктан баран табахтаама уонна эккин-сииҥҥин эрчийимэ.
— Эмкин тохтотор кыаллыбат буоллаҕына, эмп иһэ сылдьарыҥ туһунан лабораҥҥа эт. Тоҕо диэтэххэ, сорох эмтэр анаалыс түмүктэригэр дьайаллар.
Глюкозотолерантнай тест
– Тест ыытыллыар диэри саатар 3 хонук устата диетаҕын уонна эми иһэргин (төһө кыалларынан) тохтот. Бу быраабылалары тутустаххына эрэ хаан анаалыһын түмүктэрэ кырдьыктаах буолалларын учуоттаа;
— Тест ыытыллыан 3 күн иннинэ күннээҕи аһылыккар углевод ахсаана 125 г элбиэ суохтаах;
— 12 чаас устата тугу да сиэмэ (16 чаастан ордук кэмҥэ аччыктаама);
— Ууну эрэ иһиэххин сөп;
— 12 чаас устата эккин-сииҥҥин ноҕуруускалаама.
Ииги чинчиттэрии
-Түүҥҥү утуйуу кэннинээҕи иик ордук элбэх чахчыны биэрэр. Сарсыарда аан бастаан унитазка ииктии түһэн баран, иик иккис өлүүтүн анаалыска ылар ордук;
— Ииккэ араас ириҥэ түспэтин туһугар сарсыарда тураат да, ууһатар уорганнары душка мыыланан суун. Ииккин биир чаастан хойутаппакка лабораторияҕа туттара сатаа;
— «Зимницкэй» анаалыһын туттарарга аһылык эрэсиимэ уларыйбат, ол эрээри төһө ууну иһэргин учуоттууруҥ ордук;
— Кыыс, дьахтар ыйданар кэмигэр анаалыс туттарыллыбат;
— «Нечипоренко» анаалыһыгар иик ортоку өлүүтэ туттуллар.
Хойууну чинчиттэрии:
— Эмтиир бырааһыҥ сүбэлээбит диетатын тутус;
— Эми, ол иһигэр битэмииннэри уонна БАД-ы, иһимэ.
Таһыгар көстүбэт (скрытай) хаан
– Хойууну туттарыыга таска көстүбэт хааны чинчиттэриэх иннинэ кэккэ эмтэри, чуолаан аскорбиновай уонна ацетилсалициловай кислоталары, иһимэ. Ханнык эмтэри иһэргин-испэккин бырааскын кытары сүбэлэс. Кыах баар буоллаҕына, үс күн иннинэ эти, балыгы, помидоры, оҕурсуну, өҥнөөх хаппыыстаны, күөх оҕуруот аһын сиэмэ.
Сил
— Анаалыһы үчүгэйдик салгылатыллыбыт эбэтэр анал миэстэҕэ ылыллар.
— Аан бастаан хайаан да тиискин үчүгэйдик ыраастаа, айаххын уонна куолайгын оргуйбут уунан сайҕаа.
— Бу анаалыска аһылыккар уоннаэмтэргэрханнык да хааччахтааһын суох. Тыҥаттан сили ыларга ыарыһах хаста да дириҥник үөһээ-аллараа тыыныахтаах – тыынын тутан баран, эмискэ төттөрү таһаарыахтаах. Анаалыс туттарар контейнергар сыраан түстэҕинэ, силгин хаттаан ыл. Чинчиттэриэҥ үс күн иннинэ күөмэй ыраастыыр эмтэри иһиэххэ сөп.