Анаабырга туох халыҥ былыта халҕаһалыы муһунна?

Ааптар: 
31.08.2022
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ батсаапка Анаабыр улууһугар халлааҥҥа халыҥ былыт халҕаһалыы анньан турар хаартыската тарҕанна.

«Киһи куттаныах…», — диэн тыллардаах араас санаа атастаһыытын ааҕа олорон, кырдьык, киһи дьиксиниэх да курдук.
Бу туох халыҥ былыт халлааҥҥа «хатанан» турарын туһунан норуот синоптига Тускултан ыйыталастыбыт. Онуоха кини: «Киһи куттанара манна суох. Бу туундара зонатыгар Ийэ Айылҕа биир дьикти көстүүтэ. Индигиир өрүһүнэн айаннаары биирдэ Чокурдааҕынан Илин Сибиирдээҕи муораҕа устан түспүппүт. Биһигини сирдээн испит тэрилтэ үлэһиттэрэ итинник халыҥ былыт быыһыгар киирэн сүтэн хаалбыттара. Биһиги бастаан ити батсаап хаартыскатыгар көстөрүн курдук халыҥ былыт сабардаан турарын көрөн соһуйбуппут да, куттаммыппыт да. Онуоха моториспыт уопуттаах хоту киһитэ буолан, «Куттанымаҥ, ити айылҕа көстүүтэ, биһиги, олохтоохтор, көрө үөрэммит буолан, аахайбаппыт», — диэбитэ уонна сотору кэминэн биһигини муора маягар таһааран биэрбитэ. Дьиктитэ баара, былыттар муора иһиттэн эриллэ-эриллэ тахсаллар этэ. Ол муора тумана халҕаһа буолан, халыҥ былыты үөскэтэр эбит этэ. Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ, Аллайыаха улуустара муора таһыгар бааллар. Онон айылҕа итинник халыҥ былыты кинилэргэ өрүү үөскэтэрин көрө үөрэммит дьон, биһиги бастаан көрөр дьон курдук, аймамматтар.  Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сэкирэтээрэ Альбина Сосинаны кытта уунан уста сылдьан, айылҕа итинник дьиктилэрин элбэхтик көрбүт дьоммут«, — диэн быһааран биэрдэ. 

Онон батсаап биир дьиксиниини үөскэтэр омуннаах «сонунун» быһаарыыта итинник буолла.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0