Анаабырга арбууһу, дьэдьэни үүннэрэллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Хоту Анаабырга хаһаайыстыбалаах, оҕуруот үүннэрэр, ханнык да ыарахантан толлубат сүрдээх үлэһит дьон олорор.
Кылгас, сөрүүн сайыннаах хоту сир олохтоохторо бэйэлэрин оҕуруоттарын аһыттан амсайаары сыралаһаллар, бүөбэйдэһэллэр. Тымныы кыһын бэйэ оҕуруотуттан хаһааммыт аһы-үөлү амсайар хайдахтаах үчүгэй буолуой?!
Анаабыр олохтоохторо оҕуруоттарыгар туох баар кыһамньыларын ууралларын туһунан улуус дьаһалтатын саайтыгар суруйаллар. Маныаха бэйэ аһа-үөлэ сибиэһэйин, иҥэмтиэлээҕин, доруобуйаҕа туһалааҕын итиэннэ дьиэ кэргэн кыратык да буоллаҕына атыылаан эбии дохуоттанарын ыйаллар. Дьоннорун-сэргэлэрин өйөөн, оройуон дьаһалтата уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета «2020-2024 сылларга тыа хаһаайыстыбатын уонна аһы-үөлү дэлэтии, сайыннарыы» улуус бырагырааматынан тус подсобнай хаһаайыстыбаны сайыннарарга болҕомтолорун ууран, өйөбүлү, көмөнү оҥорбуттар. Дьокуускайтан 20 тэпилииссэни, Сунтаартан түөрт туонна хара буору атыылаһан аҕаларга «Арктика» МУТ дириэктэрэ Василий Алексеев тирэх буолбут. Тэпилииссэлэммит ыаллар үөрүүлэрэ улахан. Оҕурсулары, биэрэстэри, помидордары үүннэрэргэ сорох хаһаайыттар бэйэлэрэ оҥорбут тэпилииссэлэрин кыра оһохтообуттар уонна бастакы үүнээйилэрин ылбыттар. Маны таһынан кабачок, арбуз, дьэдьэн эмиэ олордоллор.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0