Анаабыр улууһугар биэрэпис ыытылла турар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Анаабыр улууһугар биэрэпис буола турар. Муус устар 17 күнүнээҕи туругунан, биэрэпис үлэһиттэрэ 851 дьиэҕэ сырыттылар, 2911 киһини биэрэпистээтилэр. Бу былаан 81,5%-а буолар.

Анаабыр улууһа национальнай састаабынан хоту норуоттара олорор сиригэр-уотугар киирэр. 2010 сыллааҕы биэрэпис көрдөрбүтүнэн, Анаабыр нэһилиэнньэтин 71,8 %-а хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ: долганнар — 42,2%, эбээннэр (ламуттар) — 6,4%, дьүкээгирдэр — 0,3%. Итиэннэ 2010 сыллааҕы биэрэпис дааннайдарынан, бу улууска эр киһитээҕэр дьахтар элбэҕэ быһаарыллыбыта.

Оройуон сирин-уотун барытын хабан үлэлиир былааннаах хамаанда көхтөөхтүк үлэлиир.

Санатан суруйдахха, муус устартан Саха сиригэр бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис саҕаламмыта. Бу ыйга Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Усуйаана нэһилиэнньэтэ биэрэпистэниэҕэ. Абый, Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Өлөөн, Эбээн Бытантай улуустарыгар муус устарга сорох нэһилиэктэргэ эрэ биэрэпис ыытыллыаҕа. Биэрэпискэ 14 сааһын туолбут Арассыыйа гражданина кыттар. Алын саастаахтар оннуларыгар төрөппүттэрэ хоруйдууллар. Биэрэпискэ «Госуслуги» портал нөҥүө кыттыахха сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0