Анаабыр өрүскэ күндүөбэй ыаматын ыыттылар

Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ, бэс ыйын 16 күнүгэр, Анаабыр өрүскэ Сааскылаах бөһүөлэгин таһынан 1 мөлүйүөн  800 тыһыынча күндүөбэй ыаматын ыыттылар.
Бу тэрээһин Чернышевскайдааҕы балык собуотун  Анаабыр улууһун уонна  «Анаабыр алмаастара» АУо кытары бииргэ үлэлээһин иитинэн ыытылынна.

Тэрээһиҥҥэ Анаабыр улууһун баһылыга  Иван Семенов, “Анаабыр алмаастара” АУо генеральнай дириэктэрэ  Павел Маринычев, Чернышевскайдааҕы балык собуотун дириэктэрэ Василий Черепанов кыттыыны ыллылар диэн Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Хаартыска: https://minpriroda.sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0