Анаабыр оҕолоро Японияҕа үҥкүүлээтилэр

14.03.2017
Бөлөххө киир:

«Хотугу муустаах акыйаантан — Чуумпу акыйаан кытылынан хаамыстыбыт«, — дэһэллэр, бу соторутааҕыта, Анаабыр улууһун Сааскылааҕыттан ыраах Японияҕа тиийэн, бэстибээлгэ кыттыбыт “Анаабыр алмаастара” долганскай үҥкүү ансаамбылын оҕолоро.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Чахчыта да оннук. Хотугу Муустаах акыйаан, Лаптевтар муораларын хаардаах кытылыттан Чуумпу акыйаан дьикти  биэрэгэр, Японияҕа тиийэн бу ансаамбыл оҕолороДети всего мира!”  диэн норуоттар икки ардыларынааҕы улахан  бэстибээлгэ бүтүн Арассыыйа, Саха сирин аатыттан ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.

Яна Спиридонова, ансаамбыл салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна:

— Биһиги 2001  сыллаахха тэриллиэхпититтэн, сыл аайы “Хотугу сулус” телевизионнай куонкуруска ситиһиилээхтик кыттан, онтон кынаттанан таҕыстыбыт, диэххэ сөп. Улууска Оҕолору эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн үлэлиибит. Үөрэнээччилэрим долганныы, хотугулуу үҥкүүлэри үөрэ-көтө толороллор. Манна хоту дойду алыптаах айылҕата, кыыла-сүөлэ, көтөрө, хотугу киһи үгэс буолбут дьарыга, быһатын эттэххэ, хоту дойду олоҕо-дьаһаҕа барыта көстөр. Дьоппуон омук ону барытын олус интэриэһиргиир эбит.

Өссө 2015 сыллаахха биһиги ансаамбылбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Хотугу сулус” куонкуруска кыайан, Японияҕа фестивальга барар иһин кэтэхтэн куонкуруска кыттар быраабы биэрэр сертификат туппута. Онно матырыйаал ыыппыппытын көрөннөр, фестиваль хамыыһыйата бэйэтэ быһааран, былырыын  саас муус устарга  Японияҕа  ыҥырыы туппуппут. Оччолортон саҕалаан бэлэмнэнэммит, дьэ, олунньу 22 күнүттэн ый бүтүөр диэри Японияҕа сырыттыбыт. Бу “Дети всего мира!” үҥкүү  фестивала  икки сылга биирдэ аан дойду үөрэнээччилэрин – талааннаах оҕолору түмэр. Биһиги тиийбит кэммитигэр манна сүүрбэччэ дойдуттан араас ансаамбыллар  кэлбиттэр этэ. Бөлөхтөрүнэн илдьэ сылдьаллар эбит. Биһиги бөлөхпүтүгэр  Россияттан икки ансаамбыл, Шри-Ланка уонна хаһаайыттар — Япония кэлэктииптэрэ  буолан бииргэ сырыттыбыт.  Колледжтарга, үөрэх тэрилтэлэригэр, оҕо садтарыгар –оҕону сайыннарар кииннэргэ кэнсиэртээтибит.

Үҥкүүгэ маастар-кылаас биэрдибит…  Биһиги ансаамбылбыт  визитнэй карточката буолбут — “Звуки северного сияния” уонна “һэйро”  үҥкүүлэрбитин олохтоохтор да, ыалдьыттар да сөбүлээбиттэрин биллэрдилэр. Таҥаспытын-саппытын, киэргэлбитин, мусукаалынай  инструменнарбытын – барыта  айылҕа  матырыйаалыттан  оҥоһуллубуту  олус интэриэһиргииллэрэ, сыаналыыллара көстөр. Оҕолор маны таһынан араас экскурсияларга сырыттылар — Япония олус үчүгэй экологиялаах Хакодато куоратынан, Токионан, оттон дойдубутугар төннөн иһэн Кореяҕа, Сеулга “Эверленд”  — оҕолору  сынньатар-сааратар киини сонурҕаатылар, сөбүлээтилэр.

Маннык үчүгэй айаҥҥа сылдьыбыппытыгар “Хотугу сулус” ДТРА-бытыгар, оҕолорбут төрөппүттэригэр, “Анаабыр алмаастара” АУо-ҕа, уонна, биллэн турар, улуустааҕы үөрэҕирии салаатыгар, гимназиябытыгар махтанабыт.

Саха сиригэр, Хотугу Муустаах акыйаан кытылыгар — маннык дойдуга олоробут, култуурабыт, искусствобыт маннык, диэн көрдөрбүппүт – биһиги ситиһиибит! Фестиваль аатыттан Грамота, Махтал сурук туттубут. Уонна саамай кылаабынайа – оҕолор араас омук талааннаах ыччаттарын кытта тэҥҥэ алтыһан, үөрэн-көтөн, олус элбэҕи саҥаны, сонуну көрөн-истэн, сайдан кэллилэр.

Ити курдук, “Анаабыр алмаастара” ансаамбыл  оҕолоро Хотугу Муустаах акыйаан, Лаптевтар муораларыттан Чуумпу акыйаан  Желтай муоратын кытылыгар тиийэ сырыттылар, бэйэлэрин норуоттарын култууратын, искусствотын дьоһуннаахтык билиһиннэрдилэр.

Оттон бу күннэргэ, кулун тутар 16 күнүттэн саҕалаан, “Анаабыр алмаастара” ансаамбыл үҥкүүһүт оҕолоро Дьокуускайга ыытыллар Анаабыр күннэригэр уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы табаһыттар сийиэстэрин култуурунай бырагырааматыгар кыттыахтара

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0