«Анаабыр” эрэгийиэннээҕи суол оҥоһуллуоҕа

30.07.2019
Бөлөххө киир:

Мииринэйдээҕи суол-иис управлениета «АЛРОСА» хампаанньа көҕүлээһининэн бу сыл бүтүөр диэри «Анаабыр» эрэгийиэннээҕи суол 30 км, 2020 сылга өссө 25 км оҥоруоҕа. Бу суол алмаастаах хампаанньа хотугу былаһааккаларын Мииринэйи уонна Ленскэйи кытта ситимниир, Удачнайдааҕы, Айхаллааҕы хайаны байытар кэмбинээт үлэлииригэр тыын суолталаах. Ити бөһүөлэктэргэ аһы-үөлү, матырыйаалы барытын 677 км усталаах суолунан таһаллар.  


«Бу эрэгийиэннээҕи суол өссө 90-ус сыллартан оҥоһулла илик, онон саахал тахсарыгар кутталлаах учаас­тактары 398-418 км уонна 519-529 км, бастатан туран, өрөмүөннүөхтэрэ. 50 тиэхиньикэлээх 90 суол-­иис үлэһиттэрэ тахсыахтара. Манна куттала суох буолууну хааччы­йарга, тулалыыр эйгэни харыстыырга, итиэн­нэ суол сырыыта тохтообокко, массыына айанныырын туһугар бары ирдэбили толоруохпут», — диэн эттэ «АЛРОСА» хампаанньа Мииринэйдээҕи суол-иис управлениетын начаалынньыга Александр Кондратьев.

«Анаабыр» айан суолун оҥоһуута эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн уонна «Куттала суох, хаачыстыбалаах массыына суола» национальнай быра­йыак чэрчитинэн үбүлэниэҕэ.

Суол-иис оҥоһуутун кэмигэр сырыы тохтуо суоҕа, суоппардар айанныыр тэтимнэрин кыччаталларыгар анал бэлиэлэри туруоруохтара, күрүөлүөхтэрэ, киэһэ хараҥарыыта сырдатар уоттары холбуохтара.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0