«Анаабыр алмаастара» хампаанньа хоту улуустарга көмөлөһүөҕэ

Бөлөххө киир:

«Анаабыр алмаастара» хампаанньа алмааһы хостуур хоту улуустарыгар өрүү кыһаллар-мүһэллэр. Ол туоһутунан бүгүн хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев Анаабыр, Булуҥ уонна Өлөөн улуустарын баһылыктарын кытта 2017 сылга социальнай-экономическай бииргэ үлэлээһин Сөбүлэһиитигэр илии баттаста.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Иван Семенов, Анаабыр улууһун баһылыга:
«Анаабыр алмаастара» АУо биһиги улууспутун кытта үлэлииргэ өрүү бэлэм. Социальнай-экономическай өттүнэн бигэ туруктаах буоларбытыгар сөптөөх көмөнү оҥорор. Итини тэҥэ, олохтоохтор бырамыысыланнаска үлэлииллэрин толору хааччыйар.
Манна биири этиэхпин баҕарабын. Ол курдук, быйылгыттан Анаабыр улууһугар «Роснефть» уонна «Ростех» курдук Арассыыйа таһымнаах бөдөҥ хампаанньалар геологическэй үлэни ыытыахтара. Бу тэрилтэлэр олохтоох хампаанньа курдук улуус дьаһалтатын кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһэллэрэ буоллар.

«Анаабыр алмаастара» АУо тустаах улуустары кытары маннык хабааннаах сөбүлэһиини сыл аайы түһэрсэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Үс хоту улуус баһылыктара ис сүрэхтэриттэн махтанан туран, атын бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ олохтоох хампаанньа бачыымын ылынан, эмиэ маннык үлэҕэ кыттыһалларыгар ыҥырдылар.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0