Ан-26 «Циклон» көмөтүнэн ардах түһэрдилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 30 күнүгэр уонна бэҕэһээ, от ыйын 1 күнүгэр, Ан-26 «Циклон» көмөтүнэн Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Ньурба уонна Мииринэй үрдүнэн ардах түһэрин күһэйдилэр.

Баһаардары утары охсуһуу тэрээһинин чэрчитинэн 100 кэриҥэ пиропатрону былыттарга эһэн, 8 ардахтаах былыт оҥоруу үлэтэ ыытылынна. Үлэ уопсай түмүгүнэн 68% орто уонна күүстээх ардахтар түстүлэр диэн «Авиалесоохрана» биллэрэр.

Ойуур баһаарын умуллара сылдьар хамаандаларга бу күһэйии бэрээдэгинэн ыҥырыллыбыт ардахтар бэрт туһалаах буолбуттара бэлиэтэнэр.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0