АН-24, АН-26 сөмөлүөттэр көтүүлэрин ойуур баһаардара харгыстаһаллар
Ойуур баһаардарыттан сылтаан, аны «Дьокуускай» аэропордугар хаайтарыы буолбутун туһунан сурах социальнай ситимнэри толордо.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Балаһыанньаны чопчулаһаары, аэропорт пресс-сулууспатыгар сибээскэ тахса сылдьыбыппар, киин куораттарга көтөр рейстэр расписание быһыытынан оҥоһуллалларын иһитиннэрдилэр. Туох даҕаны хааччахтааһын суох. Ол эрээри авиа-хампаанньалар үлэлэриттэн сылтаан, сорох хайысхаларга көтүүгэ бытаарыы тахсыбыт.
Оттон буруо хойдубутугар, үһүс кылаастаах суудуналарга, ол иһигэр АН-24 уонна АН-26 сөмөлүөттэр көтүүлэригэр хааччахтааһын олохтоно сылдьыбыт. Метеорологическай ирдэбил быһыытынан, маннык кылаастаах суудуна көтүүтэ 700 миэтэрэттэн үөһээ көстүүлээх буоллаҕына көҥүллэнэр. От ыйын 17 күнүгэр сарсыарда көстүү 450 миэтэрэ эрэ этэ. Инньэ гынан, икки рейс тохтотуллубут.
«Аэрофлот» авиа-хампаанньа сөмөлүөтэ хойутаан кэлэн, Москваҕа оҥоһуллуохтаах рейскэ бытаарыы таҕыста. Оттон «Якутия» АХ Новосибирскайга көтүөхтээх сөмөлүөтэ техническэй биричиинэнэн тохтотуллубут.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/