Амынньыкы, Кылыадьы Уустартан саҕалаан….

Ааптар: 
24.03.2020
Бөлөххө киир:

Иван Федорович Захаров-Кылыадьы Уус өбүгэлэрин утумнаан, маҥнай тимир ууһун быһыытынан биллибитэ.

edersaas.ru

Кэлин көмүс-алтан ууһа буолан, айар суола-ииһэ аһыллан барбыта. 1975 сыллаахха мин дьиэбэр сылдьан, Амынньыкы Уус хомустарын көрөн сөхпүтэ-махтайбыта. Сити кэмтэн ыла үөлээннээхтэрин Егор Гоголев, Кирилл Мальцев сүбэлэрин-амаларын ылынан, айар кистэлэҥнэрин иҥэринэн, этигэн хомуһу дэлэтэр үлэҕэ туруммута. Тимири эллиир ньыма арааһын баһылаан, эбиитин хомус сыҥааҕын кутан оҥорор бэйэтин арыйыытын киллэрэн, хомус охсуутун үөрэтэр өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы оскуоланы төрүттээн, саха хомуһун дэлэтиигэ киэҥ суолу тэлэйбитэ. Тиһэҕэр, үлэтин-хамнаһын күүрээнинэн этигэн хомус хаачыстыбатын чинчилээн, дьиҥ «Захаровтыы оскуола» сүнньүн булларбыта. Эдэр уустар талааннарын чочуйан олохсуппутун түмүгэр аан дойдуга аатырбыт Реворий Чемчоев, Петр Осипов, Иван Колодезников, Михаил Мальцев уо.д.а. курдук хомус уустара билигин учууталларын аатын-суолун үрдэтэ, тэнитэ үлэлииллэр.


Икки тыллаах хомуһу сөргүтүү

Хомус көстөр дьүһүнүн сэргэ этигэн буоларын ситиһэргэ Иван Федорович элбэх үлэни ыыппыта, хомус сыҥааҕын уонна тылын алтыһыылара ураты сокуоннардааҕын билэргэ дьулуспута. 1988 с. хомус бастакы кэмпириэнсийэтигэр академик Владимир Ларионовтыын көрсүһүүгэ Амынньыкы Ууһу кытары этигэн хомус тимирин туругун туһунан санааларын эппиттэрэ. Ону ылынан, Владимир Петрович эдэр учуонайдарга саха тимири уһаарар, эллиир наукаҕа биллэ илик үгэстэрин чинчийэр соругу туруорбутун түмүгэр, кырдьаҕас уонна эдэр көлүөнэ уустар бииргэ үлэлээн, хомус билиҥҥи сайдыытыгар олук охсубуттара.

Кылыадьы Уус үөлээннээхтэрэ Амынньыкы Уус, Николай Бурцев, Егор Гоголев саха хомуһун этигэнин, эстиэтикэтин тупсарыыга тус ситиһиилэрдээх этилэр. Кинилэр икки тыллаах хомус тиллиитигэр өҥөлөрө үгүс. Иван Федорович иэччэхтээх хомустарын сэргэ икки тыллаах хомустара эдэр көлүөнэ хомусчуттар “көлүнэр көлөлөрө” буолбута. Хомус саҥа айымньылара үөскээбиттэрэ. Ол курдук, Петр Оготоев Кылыадьы Уус икки тыллаах хомуһунан оһуокайы элбэх куолаһынан таһаарыыта киэҥник биһирэммитэ. Салгыы икки тыллаах хомуһу Реворий Чемчоев, Роман Готовцев оҥорбуттарын атын омук хомусчуттара иилэ хабан ылбыттара. Таиланд, Вьетнам уустара латуунунан икки тыллаах хомустуҥу муусука тэрилин оҥорор буолбуттара. Оттон Дьобуруопаҕа, Эмиэрикэҕэ икки тыллаах хомустуҥу тэрил үөдүйбэтэх буолан, араас нуоталаах “хомустарын” анал иэччэххэ холбоон, “аура” диэн ааттыыллар уонна нуота систиэмэтинэн үөрүйэҕи үөскэтэн, муусука айаллар. Билигин ол ордук Австрияҕа сайынна.

Кылыадьы Уус Николай Бурцев оҥоһуктарын байытан, хомус сирэй өттүгэр араас “күн”, “чороон”, “сардаана” уо. д. а. киллэһиктэри оҥороругар латууну, үрүҥ көмүһү туһанара. Анал хомустарга биллиилээх дьон мэтириэттэрин, дойду көстүүлэрин киллэрэрэ. Кини уонча хомуһун биһиги Хомус түмэлэ тэриллэригэр атыыласпыппыт билигин күндү эспэнээт буолла, Санкт-Петербург, Париж, Вена, Саппоро уо.д.а. түмэллэрин быыстапкаларыгар биһирэммиттэрэ. Онон атын дойдулар уустара ити таһымҥа тахсар дьулуурдарыгар саха хомуһа сүдү оруоллаах. Ол курдук, дьоппуон ууһа Мецуги-сан Иван Захаров уонна Иннокентий Готовцев уһанар ньымаларын туһанан, тыһыынча сыл анараа өттүгэр үөскээн сылдьыбыт биабон диэн “хомустарын” тилиннэрбитин туһунан Лео Тадагава (Дьоппуоннааҕы салаабыт салайааччыта) бэйэтин “Коукин” сурунаалыгар суруйбута. Билигин онно уус элбээн, биабон балачча тарҕанан эрэр. Саха хомуһун уустарын оҥоһуктарын Дьобуруопа, Эмиэрикэ учуонайдара (Джон Райт, Бакс Фон Ютте Хеннинг, Фредерик Крейн, Леонард Фокс уо.д.а.) ырытан суруйбуттара. Онон сахалыы хомус охсуутун ньымата интэриниэт көмөтүнэн Аан дойдуга тарҕанан, интэриэстээх дьон болҕомтотун тардар. Омуктар бэйэлэрин умнуллан эрэр “хомустарын” сөргүтэр хамсааһыннара саҕаланна.


Саха хомуһун өрөгөйө

Хомус аан дойдутааҕы II, VII кэнгириэстэрэ Дьокуускайга (1991, 2011 сс.) тэриллибиттэрэ. Элбэх дойду хомусчуттара, чинчийээччилэрэ, суруналыыстара Бүлүүгэ сылдьан, Иван Захаров уһанарын илэ харахтарынан көрөн сөхпүттэрэ. Хомус II кэнгириэһэ аан дойдуга “Бум хомуса саха!” диэн сүрэхтэммитэ биһиги уустарбыт, хомусчуттарбыт утумнаах үлэлэрин билии, өйдөөһүн, сөҕүү туоһута буолар. Иван Федорович уһанар-чочуйар кэмэ ити сылларга дьүөрэлэспитэ. Кини хомус охсуутун оскуолатын төрүттээбит кэмнэригэр санаата кэлэн, сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьыбыта. Айар-тутар кэмигэр киҥинэйэн ыллыы, өссө дьон-­сэргэ баарыгар көрдөөҕү күө-бааччы кэпсии-ипсии, кэрэни-үтүөнү үөскэтэ, үйэлээҕи дьүһүйэ олорорун элбэхтик көрбүтүм.

Айар-тутар дьоҕур уус дьоҥҥо иҥиитэ – айылҕа бэлэҕэ. Ол киһи аймахха бүтүннүүтүгэр биир сүрүннээх буолан, уус дууһатыгар, ордук тугу эмит оҥорор түгэнигэр, иэйии уһуктар. Иэйбит түгэн кэрэни, үйэлээҕи айан-тутан кэбиһэргэ көмөлөөх диэн сылыктыыр сөп курдук. Мин Амынньыкы Уус Табаҕатааҕы балаҕаныгар күн тахсыыта хомус тылын суолхайар түгэнигэр эмиэ сылдьыбыттаахпын. Онно этигэн хомуһу айыы ханнык эрэ тутаах кыл түгэнэ көстөн ааһарга дылыта. Ол иэйии сырдык сүүрээн буолан, билиҥҥи көлүөнэ уустарга эмиэ диэлийэрэ чахчы. Итинтэн сиэттэрэн уус утумнааччылара уһаарыллан тахсаллар. Билигин Реворий Чемчоев, Петр Осипов, Роман Готовцев, Иннокентий Готовцев бэйэлэрэ иитэн-такайан таһаарбыт үөрэнээччилэрэ үксээн иһэллэр. Улуу Амынньыкы Уус алгыһын иҥэриммит Мандар Уус оскуолата сахаҕа уһаныы кылаан чыпчаалын курдук сыаналанара хайдахтаах астыгый?!

Арассыыйаҕа нуучча варганын сөргүтүү хомус II кэнгириэһиттэн ыла саҕаланан, билигин туруга ту­­буста. Варгаанньыт да баһаамнаата, үөрэтэр-такайар оскуола да олоҕун булла. Барытыгар аныгы хапыталыыстыы сыһыан сыста түһэн, үлэ ­миэстэтэ, үп-харчы эргиирэ көбөн таҕыста. Онно холоотоххо, саха уустара сиэри кэспэккэ, аҕа көлүөнэ уустар үгэстэрин тутуһан, сайдан иһэллэрэ кэрэхсэбиллээх.

Биһиги уустарбыт атын омуктар хомустарын хаачыстыбатын тупсарыыга эмиэ холоноллор. Ол курдук, Иван Христофоров Австрия муалтроммел (хомус) үстүрүмүөнэ дорҕооно тупсарыгар көмөлөспүтэ. Былырыын монгуоллар хэл-хуур (хомус) тэриллэрин тилиннэриигэ сүүрбэччэ уус көмөлөстө. Ити уопуту салгыы тутар санаалаахпыт.

Кылыадьы Уус көлүөнэтэ охсубут хомустарын дорҕоонун чинчийиигэ бу кэлиҥҥи кэмҥэ саҥалыы көрүүлэр баар буоллулар. Ол дьиҥ иһигэр сахалыы тиэмбир олохсуйбут көрүҥүн быһаарарга туһуланар. Холобур, Кыргыз, Тыва тимир хомустарын дорҕооно омук бэйэтин куолаһыгар дьүөрэлээх гына олохсуйбут. Ити сахаҕа ситэ кыаллыбакка сылдьарын учуонай Николай Бурцев аныгы технология көмөтүнэн чинчийэн, сүүһүнэн хомус тиэмбирэ биир сүрүннээх хаачыстыбатын булан таһаарбытын билиҥҥи билим дьоһун ситиһиитин быһыытынан сыаналанар буолла. Ол аата, хомус сахалыы киэптээх дорҕоонун таба туһаннахпытына, хомус муусукатын өйдүүр, онтон дуоһуйар үгэс олохсуйуох этэ. Сахаҕа дьүөрэтэ суох дорҕоону үлүбээй үөскэтии хомус айымньытын киэргэппэтин өйдүүр эмиэ суолталаах. Бу күннэргэ АХШ икки учуонайын кытта саха хомуһун идэлээхтэрэ бөдөҥ чинчийиини түмүктээн бэчээккэ таһаардылар. Билим билиҥҥи ирдэбилигэр дьүө­рэлэһэр үлэни хайыы-үйэ аахпыт дьон, саха хомуһа судургута суох тутуллаах, этигэн бэйэлээх буолан, үөскэтэр айымньыларыгар “ис кистэлэҥ” иитиллэ сылдьар эбит диэн сыана быһаллар. Итинтэн сиэттэрэн, саха хомуһун тойуга дьону эмтиир кыахтааҕын эмп тэрилтэлэрэ оҥорбут ыстатыыстыкалара туоһулуур.

Түмүк оннугар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мындыр уус, сахаҕа ураты майгылаах-сигилилээх, тыллаах-өстөөх, ырыалаах-тойуктаах, үтүөнү өрө көтөхпүт Иван Захаров-Кылыадьы Уус айымньылаах олоҕун биир эрэ кэрчигин туһунан бу бэлиэтээһинним саха хомуһун уустара норуот духуобунай олоҕор суоруллубат суолу-ииһи хаалларбыттарын, ону ааһан, кинилэри утумнааччылар үлэлэрэ кэлэр кэмҥэ кэрэхсэнэр аналларын сырдатыыга туһуланна. Ону билиҥҥи кэм киэбигэр-холотугар таба дьүөрэлээтэххэ, түҥ былыргыттан кэлбит сатабылларбыт суол тэлинэн, тэнийэн иһиэхтэрэ. Саха уустара санааларын түмэн үлэлиир кыахтарын табатык тэрийэри судаарыстыба сүктэҕинэ, ситиһии сөҕүмэр буолуоҕа. Билиҥҥи уустар холбоһуктарын дьоһун ситиһиилэрэ өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар ананарын быһыытынан, харысхалы, өйөбүлү ылыахтаахтар. Дьэ онно өҕүллүбэт өһүө буолбут Кылыадьы Ууска холоонноох аҕа көлүөнэ уустар кыһаларыгар саҕыллыбыт кыымнар өссө сириэдийэн, тарҕанан, үйэлээҕи үксэтэ туруохтара диэн эрэлим улахан.

Иван Алексеев-Хомус Уйбаан,

тыл билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0