Эмиэрикэ кыыһа саха эһээтин көрдүү кэллэ

Бөлөххө киир:

Эмиэрикэ Сан-Франциско куоратын олохтооҕо Лаура Перлин Саха сиригэр ыалдьыттыы сылдьар. Интэриэһинэйэ диэн, кини манна  өбүгэлэрин суоллуу, эһэтин төрдүн-ууһун билсэ кэлбит.

Лаура этэринэн, төрөппүт ийэтэ Эмиэрикэҕэ көһөн тиийбит курдук.

Лаура Перлин бэйэтэ Сан-Францискоҕа духуобунай, эмтиир кииннээх. Онно йоганан дьарыктаналлар, эмтээх оттору доруобуйаны чэбдигирдиигэ, чөлүгэр түһэриигэ туһаналлар уо.д.а. Эбиитин саха тылын үөрэтэр, сахалыы балачча саҥарар. Кини билиҥҥитэ эһээтэ кимин-тугун, ханнык улуустан буоларын, туох төрүттээҕин билбэт. Ол иһин, архыыпка үлэлиир былааннаах.

«Мин сахабын. Ол иһин, өбүгэлэрим олорбут дойдуларыгар анаан-минээн кэллим. Эһээм саха, кини хайдах сиргэ-уокка олорбутун үчүгэйдик билиэхпин баҕарабын. Эһиги дойдугут Үрдүкү Айыылара наһаа күүстээхтэр. Ону эппинэн-хааммынан билэр, сэрэйэр курдукпун», – диэн этэр, саха ыалдьытымсах дьонугар ис сүрэҕиттэн махтанар уонна өссө да кэлэ сылдьар баҕалааҕын биллэрэр.

Эмиэрикэттэн кэлбит ыалдьыты көрсүбүт «Кистэлэҥ күүс» сурунаал тэрийэн таһаарааччыта Марина Платонова-Хомпорууна өссө былырыын маннык кэпсээн турар:

—Сан-Францискоҕа олорор Лаура эһэтэ саха үһү. Ол иһин, төрдүн-ууһун көрдүү Дьокуускайга тиийэр, ону көрсөҕүн дуо?” – диэн Вашингтоҥҥа олорор дьүөгэм Вера эрийбитэ.
Лаура ыыппыт хаартыскатыгар тас дьүһүнүнэн бэйэтэ да, ийэтэ да ханан да сахаҕа майгыннаабаттар диэн кэтэх өйүм ылымматаҕа да, кэлбит ыалдьыты, саха киһитин сиэринэн, хайдах сатанарынан биир ый арыаллаатыбыт, алтыстыбыт.
Кини бэйэтэ олорор куоратыгар духуобунай киин арынан, тохсуо буолан үлэлииллэр эбит.

Чараас эйгэнэн сиэттэрэн, Саха сирин ирдээн, бачча ыраах булан кэлбит.
Икки сыл анараа өттүгэр былыргы өбүгэлэрин куттара кэлэннэр,  нус-бааччы олорор эдэр кыыс олоҕун “аймаабыттар». «Төрдүгүн-уускун билиэххин, кинилэр тылларынан-өстөрүнэн саҥарыаххын наада», – диэн быһа-бааччы эппиттэр.

Сорудаҕы толорон, саха тылын баҕаран  туран үөрэтэн саҕалаабыта – Лаура бастакы ситиһиитэ. Соло булла да, саха тылын үөрэтэ, хатылыы сылдьар. Бэл, массыынаҕа айаннаан иһэн тэтэрээтин аста да, түһүктэринэн тылы ырытан добдугураччы саҥаран үөрэтэр.

Лаурабыт ханна тиийдэ да, барытыгар ууга киирбит балык курдук. Кимниин баҕарар биир тылы булан кэпсэтэр, быһаарсар: физика, ускуустуба, медицинэ, эзотерика боппуруостарыгар билиитэ баһаам.

Сүрүннээн, ойууннааһыны, эмтээһини сэргиир. Билбитин тутатына боруобалаан иһэринэн маладьыас эбит. Холобур, мээнэ эмчит ылсыспат ньыматын – ыраахтан эмтээһини (дистанционнай) дойдутун дьонугар дьайан,  дьаҥы дьалбарыталаата.

Хирург-быраас хаанныыр ньыматын көрөн, наһаа туһалааҕын итэҕэйдэ, ол эрээри Эмиэрикэҕэ көҥүллэммэтиттэн хомойдо. Кинилэргэ хааннааһын  бобуулаах. Сокуонунан анал ыстатыйа баар эбит.

Лаура манна элбэх кэрэ-бэлиэ сиргэ сырытта. Ол иһигэр, урууга ыҥырыллан, алгыс сиэрин-туомун көрдө, этинэн-хаанынан ылынна. Сата хайатыгар үс хонукка кутугар-сүрүгэр айылҕа күүһүн-күдэҕин иҥэринэн кэлбитэ. «Аныгыскы сырыыга Сатаҕа кэлиэм диэн алтыспыт иччилэрбэр тылбын биэрдим», – диир. Лаура киһи кыаҕа муҥура суоҕун өйүнэн, санаатынан, билиитинэн, кыаҕынан, дьоҕурунан барытынан дакаастыыр дьиктилээх эбит».

 Лаура Перлин Саха сиригэр быйыл иккис кэлиитэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0