Амтаннаах, күүгэннээх, минньигэс кофе оҥорорго маастар-кылаас
Кэлиҥҥи кэмҥэ куоракка кофейня арааһа элбээн, дьон ыһаарыламмыт кофе сиэмэтиттэн мэлиллэн сибиэһэйдии оҥоһуллубут кофены: эспрессо, американо, капучино, латте сөбүлээн иһэр буоллулар. Бу утах киһиэхэ күүс-уох, сэниэ киллэрэрин таһынан, үүтү ытыйан, күүгэн көпсөркөйүн таһааран, үрдүгэр какао, сакалаат бытарытан, карамельнай, ванильнай, корицалаах сироп арааһын эбэн биэрэн, хайа баҕарар гурман үрдүктүк сыаналыыр латтетын оҥорон таһаараллар. Бариста фантазията төһө тиийэринэн лимон, коньяк, фундук, үрүҥ, хара сакалаат, мүөт таммалатан, амтан арааһынан кустуктана оонньуур утаҕынан күндүлүүллэр.
Үс араҥалаах: эспрессо, итии үүт уонна күүгэн үрдүгэр ойуулаах, суруктаах латте ким баҕарар хараҕын үөрдэр, сүрэҕин сылаанньытар.
edersaas.ru
Маннык кофены киһи эрэ ылбычча сатаан оҥорбот. Саха сирин атыы-эргиэн уонна общественнай аһылык үлэһиттэрин I Өрөспүүбүлүкэтээҕи форумун иһинэн «Куруһаалаҕа» муус устар 13 күнүгэр SCAE аан дойдутааҕы сэртипикээттээх идэтийбит бариста Вячеслав Саломатов маастар-кылаас көрдөрдө.
Кини бу утаҕы хайдах сөпкө бэлэмниир туһунан кэпсээтэ: «Кофе үс араас хайысхаҕа арахсар: бастакыта аһыытыҥы амтаннаах, киһиэхэ сэниэ киллэрэр, иккиһигэр үүтү ытыйан, күүгэннээн биэрэллэр уонна үсүһүгэр туркаҕа, кофемассыынаны туһаммакка эрэ буһараллар. Арабика, робуста сиэмэлэрин сибиэһэйдии туттар үчүгэй, мэлийэн баран чаас аҥаарыттан ордук туруордахха, атын сыты бэйэтигэр түргэнник иҥэринэр. Капучиноҕа, латтеҕа тымныы үүтү ытыйдахха күүгэнэ ордук хойуу буолар. Дьиэҕэ, үлэҕэ иһэргэ дьоҕус кофемассыына ылан, сөбүлүүр утаххытын оҥостон иһиэххитин сөп».
Ону баара дьон үксэ маҕаһыынтан суураллар кофены атыылаһан иһэллэр. Идэтийбит астааччылар этэллэринэн, итинник бааҥкаҕа чиэппэрэ эрэ дьиҥнээх кофе, атына амтан тупсарар эбиискэ консервант. Ол иһин күҥҥэ биир чааскыттан ордук суураллыбыт кофены иһэр доруобуйаҕа буортулааҕын бэлиэтииллэр.
Оттон ыһаарыламмыт сиэмэттэн мэлиллибит кофе киһи организмыгар туһалаах, манна кальций, калий, кырдьыыны бытаардар антиоксидант баар. Арай нуорманы таһынан үлүһүйдэххэ, сүрэх битигирэччи тэбиэн, дабылыанньа тахсыан сөп.
Бу күн бэйэлэрэ кафелаах урбаанньыттар баристаны төгүрүйэ сылдьан сүбэлэттилэр, идэ кистэлэҥэр үөрэннилэр.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru