Тус бэйэм абааһы, иччи диэни олох итэҕэйбэт этим. Оҕо эрдэхтэн иитиибит да оннук этэ. Ол санаабын биир түгэн тосту уларытан турар. Онтон бэттэх абааһы, атын күүс баар диэн итэҕэйэр буолбутум. Быһата, ол маннык буолбута.
Арай биир күн төрдүө буолан моонньоҕоннуу бардыбыт. Эдэр дьон саҥабыт-иҥэбит, айдааммыт туох да сүрдээх. Ол курдук ньамалаһан син үргээтэҕэ буолан, дьиэбитигэр төннөн истибит. Төннөр суолбутугар арыый да халыйан, балай да сэнэх ампаардаах өтөххө кэлэн сынньана олордубут. Бу ампаар дьиэни урут да көрөр этибит (бөһүөлэктэн соччо ырааҕа суох сиргэ турара). Ол эрээри иһигэр киириэхтээҕэр, өҥөйөн да көрбүт суоҕа. Көрүөҕүҥ диэн буолла. Иһигэр киирбиппит, киһи сэргиирэ туох кэлиэй. Ампаар ампаар курдук. Хата, сөрүүнэ диэн ааттаах. Онно олорон бэйэ-бэйэбитин куттастаҕа буолан айдаарыстыбыт. Ол кэннэ дьиэлээтибит. Арай дьиэбэр тиийэн көрбүтүм, былаатым суох. Бэйэм былаатым эбитэ буоллар соччо көрдөөн сүпсүгүрүөм суоҕа эбитэ ини, онтум миэнэ миэнин курдук, эбэм эмээхсин туохтааҕар да харыһыйар былаатын кэс тыл биэрэр кэриэтэ ааттаһан, көрдөһөн уларсыбытым. Хайыахпыный, сылайбыт киһи сүрэҕэлдьээтэрбин да, көрдүү ойдоҕум дии. Арааһа, өтөххө хаалларбыт буолуохтаахпын диэн, быһа онно сүүрдүм. Тиийээт, онон-манан көрдөөтүм да булбатым. Ампаарга киириэхчэ атыллаан иһэн, иһирдьэ туох эрэ тыаһыырыттан тохтуу биэрдим. Арай көрдөхпүнэ, биир хайа эрэ эмээхсин тугу эрэ букунайар да букунайар. Миэхэ кэннинэн буолан сирэйэ көстүбэт. Мин туох эрэ диэн ыйытан саҥа таһаардым быһыылаах. Ол күтүрүм эмискэ эргиллэ биэрбитигэр көрбүтүм, доҕоор, киһиттэн ураты атын харамай турар эбит ээ! Хараҕа үүт-үкчү куоска киэнин курдук. Тохтоло суох бабыгырыыр, ырдьыгыныыр курдук тыас таһаарарын быыһыгар үс муннуктуҥу кырыылаах тиистэрэ килэһэллэр. Мин сүһүөхпүн уйуттубакка тобуктуу түстүм. Ол харамайым устар кэриэтэ сыыйыллан, аттыбынан ааһан, таһырдьа тахсан барда. Эчи, сыта-сымара куһаҕанын! Төрөөн баран оннук куһаҕан сыты ыла иликпин. Онтон туран дьиэбэр хайдах тиийбиппин адьас өйдөөбөппүн. Кэлин кыһыытын-кыһыылаах, былааппын үрүсээгим сиэбиттэн булан ылбытым. Туох абааһыта миигин куттаан өлөрө сыспытын олох билбэппин. Ампаар дьиэ олохтооҕо эбитэ дуу, ааһан иһэр абааһы эбитэ дуу? Арай биири өйдөөбүтүм: иччитэх сиргэ мээнэ айдаарар сэттээх-сэмэлээх буоларын. Биһигиттэн ураты абааһы, үөр диэн баар буолар эбит.
«ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.