Олунньу 26 күнүгэр Аммаҕа түргэн интэриниэт ситимэ киирбитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтилэр. Федеральнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн, Амма улууһугар аҕыс нэһилиэк хабылынна. Онон Амма, Эмис, Чапчылҕан, Бөтүҥ, Абаҕа, Мээндиги, Сэргэ Бэс уонна Сулҕаччы олохтоохторо түргэн тэтимнээх интэриниэккэ холбонор уонна «Интерактивное телевидение», «Видеонаблюдение» өҥөлөрүнэн туһанар кыахтаннылар.
«ИТ-Инфраструктураны сайыннарыы – олох хаачыстыбатын тупсарыы, Ил Дархан Айсен Николаев хас биирдии киһи ханна олороруттан тутулуга суох бэйэтин сайыннарарыгар түргэн тэтимнээх сибээс өҥөтө киириитэ бигэ тирэҕинэн буолуохтаах диэн сыал-сорук туруоруутун толоруу буолар. 2024 сылга диэри түргэн тэтимнээх сибээс өҥөтүнэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 85% туһанар кыахтаныахтаах. Биһиги хас күн ахсын партнердарбытын, Ростелекому кытары ыкса сибээстээх үлэлээн, туруоруллубут сыалы-соругу толорорго дьулуһабыт«, — диэн Instagramҥа СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов суруйар.
Бүгүн Амма улууһун нэһилиэктэрин 11 724 олохтооҕо сөк. 4 Мбит түргэннээх интэриниэккэ холбонор кыахтанна. Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорооччуларга уонна Аммаҕа «Нэлэгэр» кыбартаалга олорооччулар сөк. 20 Мбит кыахтаахха аныгы GPON технологиятынан холбонуохтарын сөп диэн бэлиэтииллэр.
«Сыл иһигэр, ол эбэтэр бэрт кылгас кэмҥэ үлэлээн, биһиги хампаанньабыт Амманы Сулҕаччыны уонна хас да нэһилиэги кытары ситимнээтэ. Быйыл өссө Соморсуҥҥа ситими тардар былааннаахпыт. Онтон салгыы үлэбитин Уус Маайа диэки салгыахпыт, — диэн Сахателеком филиалын дириэктэрэ Константин Войтеховскай эттэ.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата