Аммалар “Кыайыы түннүктэрэ” аахсыйаҕа көхтөөтүк кытыннылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл корнавирус дьаҥынан сибээстээн, Кыайыы күнүнэн ханна даҕаны улахан параадтар буолбатылар эрээри, Улуу бырааһынньыгы өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр.

edersaas

Амма улууһун олохтоохторо “Кыайыы түннүктэрэ” аахсыйаҕа көхтөөтүк кыттаннар, тиэргэннэрин уонна түннүктэрин киэргэттилэр, батсаап ситиминэн сэрии сылларынааҕы ырыалары ыллаан, хоһооннору ааҕан, бэйэ-бэйэлэрин эҕэрдэлэстилэр.

Оттон улуус дьаһалтата кэлэктиибэ (улуус баһылыга Николай Архипов, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова, Амма уонна Уус Майа улуустарын байыаннай хамыһаара Игорь Гаранин, Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Альберт Яковлев) Албан аат болуоссатыгар өйдөбүнньүк веногу уурда уонна «Т-34-85» тааҥка макыатын арыйыы сиэрин-туомун толордо.

Амма улууһуттан 1941-945 сс. Ийэ дойду көмүскэлигэр 1738 киһи ыҥырыллыбытыттан 897 буойун көмүс уҥуоҕа сэрии толоонугар хаалбыта. Холкуос ыарахан үлэтэ оҕо-дьахтар уонна кырдьаҕас дьон намчы санныгар сүктэриллибитэ. «Кыайыы туһа» диэн биир өрөбүлэ суох ыарахан үлэҕэ сылдьар холкуостаахтар харчы хомуйан, Т-34 тааҥка тутуутугар ыыппыттара.

Ону кэриэстээн, Амма нэһилиэгин дьаһалтата олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагырааматын чэрчитинэн үбүлээн, Илиан Павлов ити тааҥка макыатын оҥорбутун улуус дьаһалата иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0