Амма улууһугар Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө “Ийэ өлбөт үйэлээх хорсун быһыыта” диэн ааттаах “Арассыыйа ийэлэрэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын Саха сиринээҕи эрэгийиэннээҕи салаатын көҕүлээһининэн (бэрэссэдээтэл П.П.Борисова) матырыйааллары көрдүүр, булар үлэ күүскэ ыытыллар. Бу үлэни тэрийиигэ бэрэссэдээтэл, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Саргылана Назарова, көмөлөһөөччүтэ Галина Бочугурова, Амма улууһунааҕы “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын салайааччыта Оксана Архипова, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Александра Шестакова бу үлэни уоттаахтык-күөстээхтик ыытан эрэллэр.
Онон бу үлэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт буойуттар ийэлэрин үйэтитэр, ааттарын ааттатар, кинилэргэ сүгүрүйэр сыаллаах ыытыллар. Оскуола үөрэнээччилэригэр “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” тэрээһини бэрт сэргэхтик ыыттылар.
Анна Матвеева салайааччылаах “Амма чэчирэ” ансаамбыл иитиллээччилэрэ бу хамсааһыҥҥа кытта аҕай сылдьаллар. Урут оҕо айымньытын дьиэтин салайааччытынан үлэлээбит, норуот таптыыр ырыаһыта Ольга Иванова-Сидоркевич оҥорбут испииһэгинэн улуус сэриигэ кыттыбыт буойуттарын ийэлэрин көрдүүллэр. Үлэни сыыдамсытаары, көхтөөх оҥороору анал бөлөхтөрү тэрийбиттэрэ көдьүүстээх буолбут. Оҕолор чинчийэр үлэлэрин түмүгүнэн кэмпириэнсийэлэргэ кыттыахтара.
Галина Бочугурова этэринэн, Амма улууһуттан сэриигэ 1768 буойун барбыт. Кинилэр ийэлэрин ааттарын үйэтитиигэ матырыйааллары хомуйуу салҕанар. Онон хаалбыт кэмҥэ олунньу 29 күнүгэр диэри оҕотуттан аҕам саастаахтарыгар тиийэ бу үлэҕэ улуус олохтоохторо кыттыахтара диэн тэрийээччилэр эрэнэллэр.
Женни Стрюкова.
Хаартыска: “Амма чэчирэ” ансаамбыл” ыытта.