Аммабытын көмүскүөҕүҥ!

Ааптар: 
14.04.2020
Бөлөххө киир:

Муус устар 10 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин официальнай саайтыгар уонча улуус, ол иһигэр Алдан уонна Амма лестничестволарыгар ойуур учаастактарыгар дуогабар түһэрсэр аукцион муус устар 29 күнүгэр ыытылларын туһунан иһитиннэрии тахсыбыта.

edersaas.ru

Онуоха тута сөрөөн Амма өрүс баһыгар ойуур учаастагын 47 сылга болдьохтоон маһы кэрдиигэ биэрэн эрэллэрин туһунан сурук батсаабынан тарҕанан, улахан долгуйууну таһаарда. Биһиги ыыппыт ыйытыкпытыгар Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ маннык хардарда:

«Хоромньу оҥоһуллубат»

«Саха сирэ хара тыатынан баай диибит эрээри, тыабыт саппааһыгар кырдьан эрэр, кырдьыбыт мастаах ойуур (перестойнай тыа) баһыйар. Маннык тыаҕа мас араас ыарыыта үөскээн, чэгиэн ойуурга тарҕанар. Ити иһин сиппит, кырдьыбыт мастары кэрдэн, тыа эйгэтин уларытар, саҥа мастар үүнэр усулуобуйаларын тэрийэр ирдэнэр. Онон, тулалыыр эйгэҕэ хоромньута суох өрөспүүбүлүкэҕэ сылга 36 мөлүйүөн (ол иһигэр, Алдаҥҥа 3,3 мөл., Аммаҕа 1,7 мөл., Чурапчыга 665 тыһ., Тааттаҕа 567 тыһ., Томпоҕо 202 тыһ.) куб мас кэрдиллэр кыахтаах. Билигин итинтэн сылга 3 %-а кэрдиллэр. Нэһилиэнньэ саһааҥҥа уонна тутууга анаан сылга 30 тыһыынча дуогабары түһэрсэн, 400 тыһ. куб маһы кэрдэр. Тутуу маһын соҕотуопкалааһыҥҥа сүрүннээн «АЛМАС» ХЭУо уонна Ленскэй улууһун «Витимнээҕи мас хампаанньата» идэтийэллэр. Мас кэрдиитин ойуур судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэрэ, быраабы араҥаччылыыр уорганнар уонна уопсастыбаннай иниспиэктэрдэр хонтуруоллуур буоланнар, маһы уоран кэрдии маассабай түбэлтэтэ суох.

Мас кэрдиитин көҥүллүүр докумуонунан ойуур учаастагын түүлэһии биитэр атыыатыылааһын дуогабардара буолаллар. Күн бүгүн маһы бырамыысыланнай таһымынан кэрдиигэ 12 дуогабар баар. Былырыын Алдан улууһугар Иркутскай уобаластанАнгараХЭУо 46 сылга болдьохтоон 54,5 тыһыынча гектар, “Вудлэнд 24” ХЭУо 36 сылга болдьохтоон 177,4 тыһ. гектар иэннээх ойуур учаастагын түүлэспиттэрэ, сыл аайы туһааннааҕынан 107 уонна 243 тыһ. куб маһы кэрдэргэ дуогабардаспыттара. Уопсайынан, Алдан улууһугар үс дуогабарынан 358,2 тыһ. куб мас бэлэмнэниэхтээх этэ. БилигинАмурыстарааталлар артыаллара түүлэһии дуогабарынан сылга 8 тыһыынча куб маһы кэрдиэхтээҕиттэн 3 тыһыынча кубу кэрдэр. Билигин министиэристибэ Алдан, Өлүөхүмэ уонна Ленскэй улуустарын сиригэруотугар өрөспүүбүлүкэ маһы соҕотуопкалыыр тэрилтэлэригэр ойуур учаастактарын сыһыарыыга үлэлэһэр. Бу сылга киириэхтэн Алдан улууһугар сылга 350,2 тыһ. куб маһы кэрдэргэ ойуур учаастагын түүлэһии икки дуогабара түһэрсилиннэ. Кытай тэрилтэлэрин кытары дуогабар суох, биһигиттэн онно мас таһаарыллыбат».

Аймалҕаны таһаарбыт бырайыактар

Амма өрүс баһыгар маһы кэрдии боппуруоһа 1987-1988 сыллардаахха эмиэ тура сылдьыбыта. Ол курдук, Уһук Илин сайдыытын бырагырааматыгар Амма баһыгар судаарыстыбаннай леспромхозтары тэрийэн, сылга 370 тыһ. куб тутуу маһын уонна 147 тыһ. куб эрбэммит мас арааһын тиэйэргэ этиллибитэ. Быһата, тиит быраҕыллар төрдүн, төбөтүн бытархай маһын аахтахха, сылга мөлүйүөн кубометр мас кэрдиллэрэ былааннаммыта. Манна эбиискэ буолан, өссө 1960-с сс. оҥоһуллан баран, олоххо киллэриллибэккэ хаалбыт Амма өрүс уутун Таатта үрэххэ быраҕыы бырайыага илин эҥээр улуустарга бүрүүкээбит ити кураан дьылларга эмиэ күөрэйэн кэлбитэ. «Амма уутун сааскы халаан кэмигэр, ол аата ыам ыйын ортотуттан бэс ыйын ортотугар диэри оборторуллуо» диэн буолбута.

Бу бырайыактар Амма эрэ буолуо, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун улаханнык долгуппуттара. Уолдьах ити кэмҥэ (1988 с.) Москваҕа бэс ыйын 28 – от ыйын 1 күннэригэр ыытыллыбыт Бүтүн Сойуустааҕы XIX партийнай конференцияҕа ССКП генеральнай сэкэритээрэ Михаил Горбачев: “Ааспыт кэмтэн уруоктары ылан туран, научнай-техническэй уонна инженернэй бырайыактары хонтуруола суох ырытан оҥоруу уонна олохо киллэрии түбэлтэтигэр тахсыахтаах экологическай уонна атын хоромньулары муҥутуурдук аччатар, өссө төрүт туоратар туһугар уопсастыбаннас киэҥ кыттыытынан социальнай экспертизалааһыны дьиҥнээхтик уонна киэҥ далааһыннаахтык туруоруохха наада”, — диэбитэ. Онтон тирэх ылан, баартыйа Амматааҕы райкомун бастакы сэкиритээрэ Максим Сибиряков «Кыым» хаһыат 1988 сыл атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи нүөмэригэр маннык суруйбута: «Амма баһа – Амма өрүс үөскүүр биһигэ буолар. Оттон өрүс ортотугар даҕаны, аллараа өттүгэр даҕаны биир да Аммаҕа уутун кутан көмөлөһөр кыахтаах үрэх суох, бары сааскы халаан саҕана сыккыстаан баран уолан хаалар от үрэхтэр эрэ… Оттон Амма уутун оботторон, Суолаҕа уонна Тааттаҕа бырахтардахха, Амма сайыҥҥы уута адьас быстар, манна үөскүүр сиик туман сүтэр. Ол аата сир, хочо улаханнык хатар. Аны күһүҥҥү өттүгэр Амма мууһа суох тоҥноҕуна, сааскы харыы үөскээбэт. Ол аата Амма хочолоро добууҥҥа, кумах куйаарга кубулуйаллар. Айылҕа барахсан бэйэтэ көрөн, харыыны үөскэтэн ууну таһааран, хочолору нүөлсүтэн Аммаҕа оту үйэлэр тухары үүннэрэр эбээт. Ити айылҕа ситимин быһан кэбистэххэ алдьархай тахсаарай?» – диэбитэ итиэннэ кураанныыр илин эҥээр улуустарга ууну Өлүөнэ өрүстэн бырахтарарга эппитэ. Салгыы: «Оттон леспромхозтар тэрилиннэхтэринэ, Амма уута эбиллиэхтээҕэр лаппа көҕүрүүрэ чуолкай… Маннык улахан бырайыактары норуоттан кистээн оҥорор табыллыбат. Норуоту кытары сүбэлэһиэххэ, аһаҕастык кэпсэтиһиэххэ наада».

Ити сыл күһүнүгэр Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трофимов Аммаҕа тахсан, нэһилиэктэринэн сылдьан, нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүтүгэр олохтоохтор бары биир киһи курдук ити бырайыактары утаралларын биллэрбиттэрэ. Салгыы оскуола дириэктэрэ Василий Федоров салайааччылаах хамыыһыйа тэриллэн, суруналыыс Олег Сидоров, суруйааччы Василий Васильев-Харысхал, биллиилээх ырыаһыт Ольга Иванова-Сидоркевич, Дмитрий Емельянов уо.д.а. күүстээх үлэни ыыппыттара. Хамыыһыйа хомуйбут матырыйаалларын Ольга Иванова-Сидоркевич 1989 с. Москваҕа илдьэн, научнай-экологическай экспертизаҕа, ССРС Наукаларын академиятыгар туттарбыта итиэннэ Киин телевидениеҕа Татьяна Веденеева “120 минут” анал биэриитигэр Амма өрүс кыһалҕатын аһаҕастык кэпсээбитэ. Эһиилигэр оннук докумуоннары ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр туттарбыта. Ол түмүгэр ити бырайыактар тохтотуллубуттара.

Сарсын мунньахтыыбыт

Иитиллэн олорор Эбэлэрин көмүскэлигэр Амма улууһун олохтоохторо күүскэ туруннулар, батсаапка «Амма Эбэбитин көмүскүүбүт» диэн бөлөх тэриллэн, киэҥ кэпсэтиини таһаардылар.

Николай Архипов, Амма улууһун баһылыга:

Биһиги бу боппуруоска Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, Ил Түмэни, атын да биэдэмистибэлэри кытары үлэлэһэ олоробут. Улууска оробуочай бөлөх тэрийдибит. Дьон-сэргэ: «Мас кэрдээччилэр ойуурбутун туох да харысхала суох, Иркутскай уонна Красноярскай тыаларын  кэрдэн, ыт салаабытыныы оҥорбуттарын курдук оҥоруохтара» диэн ордук дьиксинэр.

Маһы кэрдии лесоустройство өттүнэн көрүллэн быһаарылларын, технология күүскэ сайдан, мас кэрдиитэ куосмастан хонтуруолланар буолбутун өйдүүбүт. Ол эрээри, бэйэбит санаабытын этиэхпит. Сарсын видеокэмпириэнсийэ пуорматынан Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, атын да биэдэмистибэлэр эппиэттээх үлэһиттэрин, учуонайдары уонна Амма өрүс сүнньүгэр сытар нэһилиэктэр бэрэстэбиитэллэрин кытары мунньахтаары олоробут. Туруорсар боппуруостарбытын бэлэмнээтибит. Сайын пуорум тэрийэргэ былаанныыбыт.

Хонтуруолу күүһүрдүөххэ!

Мин 1970-1980 сс. Өлүөнэ уонна Алдан өрүстэр кирбиилэригэр геологическай устууга уонна чинчийиигэ үлэлээбитим, — диир  бэтэрээн геолог Николай Кириллин. — Ити дьэ балысхан кээмэйдээх сис тыа. Маһа тиит уонна бэс. Оннук бөдөҥ, үчүгэй мастаах сир киин улуустарга суох. Ханнык методиканан суоттаан, Алдаҥҥа үс, Аммаҕа балтараа мөлүйүөн кууб мас кэрдиллиэн сөбүн этэллэрин билбэппин эрээри, маһы кэрдиигэ судаарыстыба бэлиитикэтэ баар буолуохтаах диибин. Холобур, урут дэлээнэлэргэ хонтуруол кытаанах буолара, үүнэн турар маһы барытын буолбакка, талан кэрдэри уонна тобоҕу-ибэҕи хомуйары ирдииллэрэ, геологтарга өрүс кытыытыгар, харыстанар зона диэннэр, маһы кэртэрбэт этилэр. Дьиҥинэн, тыа маһа сөбүн көрөн (!) туһаныллыахтаах, ол эрээри, ирдэбил уонна хонтуруол хайаан да наада. 1990-с сс. Ойуур Кодекса ылыллыбыта, онно ойуур пуондата барыта федеральнай бас билии буолбута, дьиҥинэн кыттыгас бас билии буолуохтааҕа, ол кэнниттэн боломуочуйаны тыырсыы барыахтааҕа. Ол тоҕоостоох түгэн мүччү тутуллубута…

Төрүт бобуохха!

Ирбэт тоҥмутун баай хара тыабыт араҥаччылаан турар, — диир Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт үлэһитэ, геолого-минералогическай наука хандьыдаата Семен Готовцев. — Амма баһын маһын кэрдэр төрүт сатаммат. «Пристойнай тыа маһа эрэ кэрдиллэр» дииллэрэ сымыйа, тыаҕа кырдьаҕас да, эдэр да мас булкуйа үүнэллэр, ол иһигэр араас сэппэрээк баар буолар, кинилэри кырдьаҕас мастар көмүскүүллэр. Ол суох буолла да, ирбэт тоҥ ирэн барар. Кырдьаҕас мас эдэр тыа үүнэригэр усулуобуйа олохтуур, ону кэрдэн кэбистэххэ, саҥа мас үүммэт. Онон, Амма дьоно сөпкө долгуйаллар, утарсаллар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0