Соторутааҕыта Амма нэһилиэгин “Б.А.Т.Ы.С” диэн күүстээх ааттаах ыччат түмсүүтүн 6 көхтөөх чилиэнэ, 11 соҕотох олорор кырдьаҕас дьоҥҥо, дьиэ кэргэҥҥэ биирдии массыына муус ылан биэрдэ. “Амма – ыччат таптыыр сирэ, Амма – үлэ көхтөөх киинэ” диэн мээнэҕэ этиллибэт.
Бу хамсааһын Амма нэһилиэгэр ыытыллар “Ыччат нэдиэлэтин” чэрчитинэн ааста.Уопсастыбаннай түмсүүнү 2012 сылтан муниципальнай атыылаһыыга управление сүрүннүүр исписэлииһэ Конон Артемьев салайар. “Уопсайа алтыа буолан (Амма нэһилиэгин ыччатын исписэлииһэ Давид Федоров уонна түмсүү чилиэннэрэ) үлэлээтибит. Түөрт киһи хостуур, икки киһи тарҕатар. Онон бэрт түргэнник, икки күнүнэн үмүрүттүбүт. Халлаан да туран биэрдэ. Кырдьаҕастар бэйэлэрэ, күөл мууһун иһиэхпит этэ диэн эрдэттэн биллэрбиттэрэ. Муус тиэйиитинэн ааспыт сылтан дьарыктанабыт, былырыын 12 ыалга тиэрпиппит”, — диэн Конон кэпсиир. Улуустааҕы социальнай харалта управлениетыттан соҕотох олорор, бэйэлэрэ хааччынар кыахтара суох дьон, дьиэ кэргэн испииһэгин ылбыттар.
Манна даҕатан эттэххэ, номнуо хаһыс даҕаны сылын Оҕо көмүскэлин күнүгэр нэһилиэк дьаһалтата итиэннэ бу түмсүү ыччата инбэлиит оҕолорго бэлэх туттарар үтүө үгэстээхтэр эбит. Оҕолор кыра да бэлэх-туһах, сайыннарар оонньуур туттахтарына олус үөрэллэр диэн санаатын үллэстэр. Ону тэҥэ саас ахсын балыыһаҕа сытар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэн оҕолоругар нэһилиэнньэттэн таҥас-сап, туттар мал-сал хомуйан, кыратык хамнастарын сыыһыттан да ойо тутан атыылаһан илдьэр үтүө үгэстээхтэр эбит.
Людмила ПОПОВА.