Амма улууһа халаан уутун хоромньута суох аһардарга бэлэмнэнэр

Ааптар: 
20.04.2020
Бөлөххө киир:

Сааскы халаан уутун хоромньута суох аһардар туһугар дьаһаллар өрөспүүбүлүкэҕэ эрдэттэн тэриллэллэр.

edersaas.ru

Өрүс харыыта таҕыстаҕына, Амма улууһугар сэттэ нэһилиэнньэлээх пуун — Амма, Чапчылҕан, Абаҕа, Мээндиги уонна Ефремовка сэлиэнньэлэрэ итиэннэ Суола үрэх үрдүгэр турар Алтан, Сатаҕай ууга барар кутталлаахтар. Онон улууc дьаһалтатыгар суһал ыстаап тэриллэн, бу нэһилиэктэргэ халаан уутун хоромньута суох аһардар туһугар бэлэмнэнии үлэтэ өссө кулун тутартан саҕаламмыта. Ол курдук, өрүскэ харыы тахсыан сөптөөх учаастактарыгар (барыта холбоон 38 гектардаах сиргэ) мууһу кэбирэтэр үлэ ыытыллыбыта. Ити таһынан, тустаах нэһилиэктэр пааспардара, ууга барар кутталлаах эбийиэктэр испииһэктэрэ оҥоһулунна, уу кэлэр кутталлаах кэмигэр сүөһүнү-сылгыны үөһэ, уу ылбат сиригэр таһааран быстах хаайар пууннар өрөмүөннэннилэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0