Амма улууһун баһылыга Николай Архипов: Аммалар Өлүөнэ муостатын тутуу саҕаламмытынан эҕэрдэлииллэр

Ааптар: 
14.02.2020
Бөлөххө киир:

Өлүөнэ муостатын тутуу боппуруоһа быһаарыллыбытын аммалар биһирииллэр.

edersaas.ru

— Биһиги урут уруккуттан Өлүөнэ муостатын туһунан ыраланабыт. Бу үгүс кыһалҕаны быһаарыаҕа. Билэргит курдук, саас суол хаалар кэмигэр уонна күһүн өрүс биһиэхэ улахан харгыһынан буолар, тоҕо диэтэххэ, мууһунан массыына суола Өлүөнэни нөҥүө кылгас кэмҥэ аһыллар. Мантан, бастатан туран, норуот эрэйи көрөр. Сайыҥҥы кэмҥэ эмиэ эрэйдэнэбит. Өскөтүн кыһын массыынанан Дьокуускайга диэри үс чааһынан тиийэр буоллахпытына, сайын паромунан туорааһыны ааҕан туран, кырата 5-6 чаас айанныыбыт. Манна өссө паром уочаратын эбэн кэбиһиҥ. Ол иһин оройуон олохтоохторо Өлүөнэни туоруур муостаны тутар туһунан боппуруоһу өрүү туруорсаллар. Уонна, биллэн турар, бу кыһалҕалар улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар харгыс буолаллар.

Биһиги муоста тутуллуо диэн сонуну өрө көтөҕүллэн туран иһиттибит. Бэҕэһээ концессионнай сөбүлэһии түһэрсиллибитэ, онон үлэ саҕаланар буолла диэн үөрдүбүт. Онон сотору кэминэн Өлүөнэни туорааһыны кытта сибээстээх ыарахаттар тохтуохтара. Илин эҥэр улуустарын олохтоохторугар маннык уустук уонна дьоһун боппуруоһу туруорсарын иһин өрөспүүбүлүкэ баһылыгар Айсен Сергеевич Николаевка махтанабыт.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0