Ыһыах алгыстан саҕаланар буолан, бу суолталаах уонна дириҥ ис хоһоонноох сиэри-туому толоруу алгысчыттан олус улахан тутулуктаах.
Алгысчыт ыһыаҕы аһарыттан, алгыһы ыытарыттан ыһыах хаамыыта улахан тутулуктаах. Саха сиригэр ыһыахтар үгэннээн ыытылла турар кэмнэригэр идэтийбит алгысчыт, Амма улууһун бары тэрээһиннэрин алгысчыта Василий Кочаткин «Саха сирэ» хаһыакка бэйэтин холобуругар олоҕуран, алгысчыт ис туругун арыйан, санаатын үллэһиннэ.
… Амма улууһун 60 киһилээх дэлэгээссийэтэ Хабаровскай куоракка СӨ Уһук Илин уокуругар Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтииргэ ыһыах ыһа баран иһэрэ. Онно “алгысчыппыт бу – Василий Кочаткин” диэн билиһиннэрбиттэригэр “аата эдэрин…” дии санаабытым. Онтон билсэн, олохтоохтук кэпсэтэн баран, Василий ис тыына уу саха, саастаах киһилии толкуйдаах, дуоспуруннаах киһи буоларын билбитим. Кырдьык да, “кини алгыстаабатаҕына уонна ким?” диэх айылаах киһи эбит этэ.
Онтон Хабаровскай куорат туристическай комплексыгар курулас ардах ортотугар алгысчыт холку, намыын куолаһынан Ийэ айылҕаны уоскутардыы көрдөһөр сиэри-туому толоруутун көрбүтүм-истибитим. Олох ураты көстүү этэ. Сотору кэминэн дохсун ардах намыраан, тохтуур аатыгар барбыта. Алгысчыт ылыннарыылаах тыла-өһө Үрүҥ Айыыларга тиийдэҕэ ити. Айылҕаҕа омугунан арахсыы суох – кинилиин чугастык алтыһыахха эрэ наада. Онон Василий Кочаткин курдук эдэр дьон төрөөбүт дойдуларын, бар дьоннорун алгыһынан арчылыы сылдьалларыттан хайдах эрэ бу Орто дойдуга барытыттан көмүскэллээх курдук сананаҕын.
28 саастаах Амма алгысчытын туһунан «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.