Ыам ыйын 26 күнүнээҕи суһал дааннайынан, Амма улууһугар икки сиргэ 325 гектардаах ойууру хабан уот көрдүгэнниир. Чурапчы улууһугар турбут уот 7 гектар иэннээх сири, ол иһигэр 4 гектар ойууру, сиэбитин кэннэ саба туттулар.
Оттон түөрт баһаары умуруорааччылар эргийдилэр: барыта 157 гектардаах сир былдьаммытыттан ойуура – 75 гектар. Итилэртэн саамай улаханнара Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр Кэҥкэмэ үрэх бэтэрээ өттүгэр тура сырытта. Улуустан 90-ча киһи тахсан, икки күннээх түүн үлэлээтэ. Барыта 100 гектардаах сир, ол иһигэр 20 гектар иэннээх ойуур умайда. Ону тэҥэ Өлүөхүмэҕэ 15 гектарга, Уус Алдан улууһугар икки сиргэ 42 гектар сиргэ тарҕаммытын эргийдилэр.
Уоту умуруорууга 205 киһи үлэлээтэ, ол иһигэр 28 баһаарынай парашютист, 24 баһаарынай десантник, лесничествоттан 3, баһаар-химия станциятыттан 25 уонна ЫБМ-тан 5 үлэһит сырыттылар. Оттон олохтоох нэһилиэнньэттэн 120 киһи хабылынна. Тыаҕа уот турар кутталлаах кэмэ саҕаланыаҕыттан 39 түбэлтэ таҕыста. Итилэргэ барыта 2288,6 гектардаах сир уот кыһыл тылыгар былдьаммытыттан күөх суугуна – 1060,6 гектар.
Ойуур сыһыаннаһыытыгар департамент тыаҕа сылдьар кэмҥитигэр уоттан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин тутуһаргытыгар, кулуһун оттортон туттунаргытыгар итиэннэ өскөтүн ойуурга уот көрдүгэннээн эрэрин көрдөххүтүнэ СӨ Ойуурун хаһаайыстыбатын регионнааҕы диспетчерскэй сулууспатыгар 8-4112-44-74-76 нүөмэргэ төлөпүөннээн тыллыыргытыгар көрдөһөр.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru