Амма улууһугар быйыл хас даҕаны үбүлүөй бэлиэтэнэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Амма улууһугар быйыл хас даҕаны бэлиэ үбүлүөйдэр бэлиэтэнэллэр. Ол курдук, аммалар Абаҕа нэһилиэгэ олохтоммутун 250 сыллаах үбүлүөйүн, Саха сиригэр бурдук ыһыыта саҕаламмытын 350 сылын уонна Амма Солобуодата төрүттэмитэ 370 сылын бэлиэтииргэ бэлэмнэнэ сылдьаллар.

«Абаҕа нэһилиэгин 250 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһиҥҥэ бэлэмнэниини былырыыҥҥттан саҕалаабыппыт, — диир Амма улууһун баһылыга Николай Архипов. — Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова салайааччылаах тэрийэр хамыыһыйа олохтоммута. Бэлиэ даатаны көрсөр үлэлэргэ 118 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Үп- харчы нэһилиэк иһин тупсарыыга, суолу-ииһи көннөрүүгэ, социальнай эбийиэктэри тутууга, кинигэлэри таһаарыыга уонна да атын тэрээһиннэргэ барыаҕа. Үбүлүөйдээх сыл чэрчитинэн 225 миэстэлээх уһуйааннаах оскуола тутуутун салҕыахпыт. Амбулатория, Үстүүн Нохсоров аатынан искибиэр, спортивнай саала арылаллара былааннанар. Биир дьоһун сорук — «Саһыл Сыһыы» мемориальнай комплексы тупсарыы».

Аммаҕа XVII үйэ иккис аҥаарыгар маннааҕы үүнүүлээх сири туһанаары нуучча бааһынайдара олохсуйбуттара. Ол курдук Амма Саха сиригэр бурдугу үүннэрии биир сүрүн киининэн буолбута. Маннык устуоруйаҕа уһулуччу суолталаах сылга Аммаҕа “Уһук Илиҥҥи тэлгэһэ” икки бырайыага олоххо киирэрэ быһаарыллыбыта. Аныгы кэм тэлгэһэлэрэ Амма уонна Бөтүҥ сэлиэнньэлэригэр тутуллуохтара. 

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0