Амма улууһугар бурдук быһыыта саҕаланна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл сайын төһө да кураан буоллар, сааскы уу нүөлсүтэн уонна бурдук тахсар ардаан, Аммаҕа бурдук үүнүүтэ куһаҕана суох.

– Улуус үрдүнэн сир үлэтигэр идэтийэр биэс хаһаайыстыба баар, кинилэр быйыл саас бурдугу 3550 гектар бааһынаҕа ыһыллыбыта. Төһө да кураан буоллар, арыый кэмигэр ардаан биэрэн, үүнүү куһаҕана суох.

Хомууру бастакынан саамай элбэх ыһыылаах «Амма» АУо саҕалаата. Билиҥҥи туругунан 400 туонна бурдук хомулунна, биир гектартан ортотунан 19,4 сэнтиниэр бурдук хомулла турар, – диэтэ тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы департаменын салайааччы Ион Кононов.

Раиса Сибирякова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0