Аммаҕа тулаайахтарга анаан тутуллубут дьиэ эмиэ тымныы (ААҔААЧЧЫ СУРУГА)

24.01.2017
Бөлөххө киир:

«Саха сирэ» хаһыат тохсунньу 11 күнүнээҕи нүөмэригэр «Тулаайахтары атарахсытыы-2» ыстатыйаны ааҕан баран, биһиэхэ баар итинник хабааннаах кыһалҕаны суруйарга сананныбыт.

2013 сыллаахха Амма сэлиэнньэтигэр төгүрүк тулаайах уонна төрөппүттэрэ суох хаалбыт оҕолорго анаан 26 кыбартыыралаах дьиэ (Короленко уул. 22/5 №-дээх) үлэҕэ киирбитэ. Бэс ыйын 1 күнүгэр кыбартыыра күлүүстэрин тутан үөрбүппүт-көппүппүт. Толору хааччыллыылаах дьиэҕэ киирбит үөрүүбүт уһаабатаҕа. Кыһын кыһарыйан кэлбитигэр, бастакы мэндиэмэн кыбартыыралара тымныйбытынан барбыттара.


2014 сыл тохсунньутугар таһырдьа 50-ча кыраадыс тымныыга дьиэ 17-с кыбартыыратын канализацията тоҥмута. Коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрин көмөлөрүнэн ириэрэн, канализация турбаларын бүрүйэн саахалы туораппыттара. Ол да буоллар, тоҥор куттал сотору-сотору тахсыталыыра.

2014 сыл сэтинньитигэр аны ититэр ситим радиатора тэстэн, уу тоҕо баран эмиэ кыбартыырабытыгар саахал тахсыбыта. Аны радиатор көрдүүр, булар кыһалҕа тирээбитэ. Олохтоох дьаһалта эдэр үлэһитэ Федора Алексеева радиатор булбутугар, коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ туруоран биэрбиттэрэ. Линолеум инчэйэн, көтүрэн ылан куурдубуппут.

2015 сыл тохсунньу 19 күнүгэр эмиэ канализация алларааҥҥы турбата тоҥмутугар унитазпыт иһиттэн үөһээҥҥи ыаллар кирдэрэ-хохторо, куһаҕан тахсан, кыбартыырабыт иһин дьаабылаабыта. Бу үлүгэри туһааннаах сиргэ этэн, миэрэ ылылларыгар эппиппитигэр, коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ канализацияны өрөмүөннээбиттэрэ.

Быйыл, саҥа сылы көрсөөт даҕаны, эмиэ канализациябыт тоҥон, кыбартыырабыт иһэ эмиэ куһаҕанынан туолла. Эмиэ быһаарсыы, ким буруйдааҕын булуу… Ити үлүгэр куһаҕаны эмиэ бэйэбит ыраастаабыппыт.

Кыбартыырабыт тымныы, түннүктэринэн аргыар үрэ турар. Ититэр радиатордар үөһэ өттүлэрэ дуомугар эрэ сылаастар, аллараа өттүлэрэ тыбыс-тымныы. Муостабытыгар инчэҕэй тэрээпкэ тоҥор. Таһырдьа 34 кыраадыс тымныыга кыбартыырабыт 15 эрэ кыраадыс итии. Аны сайын сиигирэн эрэйдиир. Күүстээх ардах түстэҕинэ, түннүк уонна эркин быыһынан уу киирэр.

Бу дьиэ сэндвич-панель дэниллэр аныгы тутуу матырыйаалынан оҥоһуллубут. Хаачыстыбата суох тутуллубут буолан, 4 сыл олороору эрэйи көрдүбүт.

Маны барытын кумааҕыга тиһэн, «Амма нэһилиэгэ» МТ баhылыгын тутууга чааhыгар солбуйааччы Сергей Соломоновка атын кыбартыыраны биэрэллэригэр тутуорсарбытын тиэрдибиппит.

Евгения Неустроева аатыттан, сокуоннай бэрэстэбиитэл Татьяна Неустроева суруйда.

* * *

Кылгас ыспыраапка:

Амма сэлиэнньэтин Короленко уулусса 22/5 №-дээх дьиэтин 17-с кыбартыыратын олохтооҕо Евгения Герасимовна Неустроева 1994 сыллаах төрүөх, оҕо эрдэҕиттэн инбэлиит, II группалаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0