Өрөспүүбүлүкэбитигэр бурдугунан дьарыктанар биир сүрүн бааһынай хаһаайыстыбалаахпыт. Ол — “Амма” ТХПК буолар. Билигин тэрилтэ 81,3 мөл. солк. иэскэ олорор. Ити иэһиттэн төлөрүйээри тэрилтэ акционернай уопсастыба буолла. Бу туһунан Ил Дархан Егор Борисов Покровка олохтоохторун кытары иккис көрсүүһүүтүгэр иһитиннэрдилэр.
Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
“Амма” ТХПК моҥкуруут баран, саҥа акционернай уопсастыба олунньу 14 күнүгэр регистрацияламмыта. “Амма” ТХПК управляющайа Анатолий Ноев бэлиэтииринэн, билигин тэрилтэ баайа-дуола сыаналанан, кирэдьиит ылбыт тэрилтэлэрин кытары кэпсэтии баран, үлэ сүнньүн булан эрэр. “Регистрацияны ааһан, дириэктэр ананан, билигин үлэһиттэри саҥа тэрилтэҕэ ылыы бара турар. Аныгыскы ыйтан үлэһиттэр акционернай тэрилтэттэн хамнастаныахтара”, — диэн этэр управяющай Анатолий Тимофеевич.
Онон “Амма” ТХПК сирин-уотун ылан, саҥа тэриллибит тэрилтэ 50,4 мөл. кв м иэннээх 56 учаастакка сирдэннэ. Акционернай уопсастыба хапытаала барыта (производственнай базалары, “Туймаада лизинг” ААУо баайын ааҕан туран) 343,4 мөл. солк. тэҥнэстэ. Сүрүн акционерынан “Амма” ТХПК буолар. Ону сэргэ Чакырга, Аммаҕа баар базаларыгар “Хойуу” диэн акционернай уопсастыба тэриллиэҕэ. Паайдаахтар мунньахтарыгар баайы-дуолу үллэрии, устаабы, дириэктэри быһаарыы барыаҕа.
Тэрилтэ тиэхиньикэлэрин, производственнай базатын хаалларыыга предприниматель Руслан Федотов өҥөтө улахан. Кини саҥа тэриллибит акционернай уопсастыбаҕа көмөлөһөн, “Россельхозбаан”-тан кирэдьиит ылалларыгар мэктиэлээн, поручитель буолла. Ону сэргэ “Туймаада лизинг” нөҥүө дуогабар түһэрсибиттэр. Онон тиэхиньикэ, дьиэлэрэ-уоттара акционернай уопсастыбаҕа бэйэлэригэр хаалбыт.
Онон акционернайга көһүү түмүгэр тэрилтэ 51 мөл. солк. иэһин сотторон, 30 мөл. солк. иэстээх хаалар. Бу хаалбыт иэһи тэрилтэ акция атыытыттан эбэтэр “Сэргэлээх” учаастакка баар сирдэрин атыылаан сабынар санаалаах. Бу сир билигин 15 мөл. солк. сыаналанан турар.
Улуус баһылыга Николай Архипов этэринэн, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга быйыл 14 мөл. солк. көрүллүбүтүттэн 4 мөлүйүөнэ “Амма” ТХПК бэриллибит. Ол иһигэр көрүө-хаһаа тутуутугар – 1 мөл.солк., бааһыналары чөлүгэр түһэриигэ – 1 мөл.солк., тиэхиньикэ атыылаһыытыгар – 2 мөл. солк. көрүллүбүт.
Манна даҕатан эттэххэ, бу сайын 66 км күрүө тутуллуохтаах. Күрүө тутуутугар устудьуоннар тутар этэрээттэрин сыһыарыахтаахтар. Манна эмиэ судаарыстыбаттан көмө барыахтаах.
Ону сэргэ тэрилтэ акционернай буолан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө субсидия ылыытыгар кыттар кыахтанна. Бастакы вице-премьер – тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Петр Алексеев бэлиэтииринэн, министиэристибэ өттүттэн үгүс өрүттээх көмө барыаҕа. Бастатан туран, саҥа тэриллибит акционернай уопсастыба куонкурустарга кыттар усулуобуйатын тэрийэн, куонкурустар балаһыанньаларыгар уларытыы киллэрбиттэр. Былырыын “Амма” ТХПК 15 мөл. солк. ылбыт буоллаҕына, быйыл 35 мөл. солк. ылыан сөп. Өссө муниципальнай бүддьүөттэн 4 мөлүйүөн көрүллүбүтүн эптэххэ, уопсайа быйыл 39 мөл. солк. көмө оҥоһуллуоҕа.
Ону таһынан тэрилтэ сылгы базатын тутууга кыттыан сөп. Санатан эттэххэ, былырыын, Ил Дархан ыйааҕа тахсан, нэһилиэнньэлээх пуунтан тэйиччи сытар сиргэ сылгы базатын туттуохха сөп. Аны министиэристибэ саҥа трактор ылыытыгар көмөлөһүөҕэ. Билигин судаарыстыба 95 % ороскуоту сабынарга үбүлээһини биэрэр. Түмүккэ бастакы вице-премьер Петр Алексеев оҥорон таһарыыга күүстээх үлэ барыахтааҕын этэн туран: “Акционернай уопсастыба өрөспүүпүбүлүкэҕэ бурдугунан дьарыктанар сүрүн тэрилтэбит буолуохтаах. 2018 с. фотосепаратор атыылаһыахпыт. Онон саҥа технологияны киллэрэн, үлэ-хамнас күүскэ барыаҕа”, — диэн бэлиэтээтэ.
Ыспыраапка: “Амма” ТХПК олус уустук балаһыанньаҕа киирбитин туһунан былырыын Ил Дархан пресс-конференциятыгар суруналыыс Марина Сантаева иһитиннэрбитэ. Онно Егор Борисов тохсунньуга Покровкаҕа бара сылдьан балаһыанньаны сиһилии билсиэҕин туһунан эппитэ. Ити тылын толорон, тохсунньуга паайдаахтары кытары көрсөн санааларын истэн кэлбитэ уонна тэрилтэ чөл турукка киирэр суолун тобуларга бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбитэ. Ити сорудаҕынан үлэ баран, билигин акционернай уопсастыба тэриллэн үлэ саҥалыы күөдьүйдэ.
Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru