Амма талааннарын үйэтитэр бибилэтиэкэр

Ааптар: 
08.06.2020
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт дойдуларыгар ис сүрэхтэриттэн бэриниилээх, туох эрэ уһулуччулааҕы, үйэлээҕи оҥорон таһаарбыттара эрэ баар буолар дьон үгүс.

edersaas.ru

Амма улууһунааҕы киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын бибилэтиэкэрэ Вероника Стручкова биир оннук киһинэн буолар. Мин кинилиин бэрт интэриэһинэй бырайыакка үлэлэһэрин туһунан кэпсэттим.

«Эһиги миигин истиэххит…»

 Вероника Ивановна, эн айар куттаах биир дойдулаахтаргын үйэтитэр соруктаах үлэлээбитиҥ эһиил 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир эбиккин дии? Сыралаах үлэҥ хаһан хайдах саҕаламмытай?

– Амма дьоно-сэргэтэ өйбүтүттэн-санаабытыттан сүппэт Ольга Иванова-Сидоркевич, Клавдия Онуфриева, Илья Неустроев-Ырыа Ылдьаа курдук ырыаһыттарбытынан киэн туттабыт. Биир кэмҥэ алтыһан сылдьыбыт айылҕаттан талааннаах биир дойдулаахтарбын, тыыннаахтарына, санааларын, толкуйдарын, ырыаларын устан ылбатахпыттан кэмсинэрим. Хас биирдии айар куттаах киһибит олохтон бардаҕын аайы, «үйэтиппэккэ хааллым» дии саныырым күүһүрэн испитэ. Дьолго, олох сайдан, сотору кэминэн аныгы технология көмөтүнэн «Үйэлэри уҥуордаан, эһиги миигин истиэххит…» («Вы услышите меня сквозь столетия») бырайыагым олоххо киириитэ дьэ кыаллыбыта. Ол курдук, уонча сыллааҕыта айар куттаах, суруйар талааннаах биир дойдулаахтарым ырыаларын, хоһооннорун, ахтыыларын түмэн, мультимедийнэй технология ньыматынан электроннай диискэҕэ биллэр дьоммут тыыннаах куоластарын устан саҕалаабытым. Бырайыак тиэхиньиичэскэй үлэтин Амма талааннаах мелодиһа Афанасий Кузьмин оҥорбута. Бастакы диискэбит 2011 сыллаахха тахсыбыта. Онтон эр ылан, эһиилигэр СӨ Култуура уонна духуобунас министиэристибэтигэр бырайыакпын көмүскээн, 100 тыһыынча солкуобайдаах грант ылбытым. Ол граным харчытынан эбии аныгы технологияҕа эппиэттиир устар, түһэрэр тэрили ылбыппыт. Хомойуох иһин, кэллиэгэм күн сириттэн баран, кыратык тохтуу сылдьыбытым.

Онтон билигин Афанасий Кузьмин төрөппүт уола Афанасий, аҕатын туйаҕын хатаран, миэхэ үлэлэһэр.

«Саҥарар кинигэҕэ» кыттаары — уочарат

— Бырайыаккытыгар бэрт элбэх киһи кыттар эбит.

— «Үйэлэри уҥуордаан, эһиги миигин истиэххит…» диэн диискэбитин атыннык өссө «Саҥарар кинигэ» диэн ааттыыбыт. Биир киһиэхэ анаммыт диискэ 80 мүнүүтэлээх.  Бастакы 20-25 мүнүүтэҕэ тустаах киһи олоҕо, айар үлэтин туһунан кэпсэнэр. Онтон ааптар айымньылара кэлэр. Онон биир диискэни ылан иһиттэххинэ, Кыыс Амманы аар-саарга аатырдыбыт биһиги биир дойдулаахпыт тус олоҕун, айымньытын, ис санаатын толору арыйаҕын. Хас биирдии ааптар «Саҥарар кинигэтэ» бэйэ-бэйэтиттэн ураты тыыннаах. Ол эбэтэр ааптардар айымньыларын биһиги биир дойдулаахтарбыт ааҕаллар. Бу бырайыакка оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, кыттыан баҕалаах киһи үгүс. Туһугар, уочарат да диэххэ да сөп. Мин «бу оҕоҕо эбэтэр улахан киһиэхэ барсыа» дии санаабыт айымньыбын анаан  наардаан аахтарабын. Онно сөптөөх муусука таҥыллар.

Амма ыраас салгына илгийэргэ дылы…

 — Биллэн турар, биир дойдулаахтаргыт тыыннаах саҥалара, айан хаалларбыт айымньылара бу «Саҥарар кинигэҕэ» үйэтитиллэн, кинилэр сырдык ааттара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үйэлээҕи, сырдыгы түстүүргэ, үтүөнү оҥорорго ыйар-кэрдэр суолдьутунан буолаллара саарбаҕа суох.

— Оннук. Дьиҥэр, эрдэттэн саҕалыах баара да, кыаллыбата бэрт буоллаҕа. Үлэбин Алтаана Артемьеваттан саҕалаабытым. Кини «Тыа сирэ барахсан» диэн дьүһүйүүтүгэр тапталлаах Аммабыт ыраас салгына илгийэргэ, сайылыгын түптэтин буруотун сыта тунуйарга дылы…

Билигин уопсайа 13 «Саҥарар кинигэни» — аудиодиискэни таҥан оҥордубут. «Саҥарар кинигэ» дьоруойун туһунан чугас аймахтара, бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэрэ, үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, улуус уопсастыбаннаһа кэпсииллэр, ахталлар. Ол кэнниттэн ааптардар суруйбут айымньыларын рецензиялара, ырытыылара, айымньыларын толоруулара барар.

Бырайыак далааһына киэҥ

 — Вероника Ивановна, эн бүгүҥҥү күҥҥэ айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар айар куттаах биир дойдулаахтаргын «Саҥарар кинигэҕэ» эмиэ киллэрэн эрэргин сэргии итибитим.

Бу бырайыагым өссө да биэс сыл салҕанан барыахтаах. Уопсайа олохтоох хас да ааптарга электроннай «Санарар кинигэ» диискэлэри оҥоро сылдьабыт. Ол курдук, бэйэлэрин кытта кэпсэтэн, аны Василий Васильев-Харысхал, Олег Сидоров, Зинаида Архипова, Юрий Борисов курдук улууспутун дорҕоонноохтук ааттата сылдьар айар куттаах дьоммут «Саҥарар кинигэлэрин» оҥорорго былаанныыбын.

Хас биирдии саҥа тахсыбыт диискэ ааҕааччыларбытыгар, нэһилиэнньэҕэ сүрэхтэнэн иһэр буолан, бу хомуурунньуктары интэриэһиргээччи үгүс. Бэлэм матырыйааллар Национальнай бибилэтиэкэҕэ, «Саха» НКИХ Саха араадьыйатын, өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай мусуой пуондаларыгар, улуус бибилэтиэкэлэригэр тарҕаналлар. Ааттыын да «Үйэлэри унуордаан, эһиги миигин истиэххит…» диэн буоллаҕа.

… Ити курдук, Ийэ Дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар Вероника Стручкова «Саҥарар кинигэлэрин» холобурун батыһааччы үксүүрэ буоллар диэн баҕа санаалаах бу ыстатыйабын түмүктүүбүн. «Амма» диэн кэрэ тылы кытта ыкса сибээстээх: «Амма Эбэм сылаас тыына», «Аммам ыллыыр дуорааннара», «Амма — айар кутум» диискэлэри тэҥэ өрөспүүбүлүкэбит бары улуустарын ити курдук ааттатар «Саҥарар кинигэлэр» үксүү турдуннар!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0