«Амма» суолун өрөмүөнүгэр саҥа технологиялары туһаналлар

21.08.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Амма» суолун түөрт учаастагынан өрөмүөннүүллэр. Ол курдук «Управтодор» ГКУ иһитиннэрбитинэн, өрөмүөн үлэтигэр ресайклинг ньыматын туһаналлар.

edersaas.ru

Управление генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Семен Сметанин иһитиннэрбитинэн, саҥа технологиялары  19+000 км —  24+000 км туһаналлар. Хантараак быһыытынан, «МКАД» ХЭEj ресайклинг кэнниттэн 7 уонна 5 см кэтиттээх  гына аспаалбетону иккитэ ууруохтаахтар.

«Өрөмүөн үлэтэ былаан быһыытынан баран иһэр. Спецтехника кэмигэр атыылаһыллан, билигин номнуо миэстэтигэр баар. Ресайклинг үлэтэ  бу күннэргэ ыытыллыахтаах», — диэн биэдэмистибэ бэрэстэбиитэлэ кэпсээтэ.

Билиҥҥи туругунан «Амма» суолугар 43+000 —  53+000 км  «Инвестдорстрой» ХЭУо,  96+340 —  112+590 км  «Трансстройсаха» ХЭУо,  460+000 — 470+000 км «Энерготэк» ХЭУо үлэлииллэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0