“Амма сакурата” тылынна

29.05.2017
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын бүтүүтэ Амма улууһун Короленко хайата дьикти кэрэ көстүүнэн киэркэйэр. Япония сакуратыгар майгынныыр тэтэркэй сибэккилээх, ураты көстүүлээх даурскай рододендрон диэн талах тыллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Олохтоохтор кинини «Саха сакурата», эбэтэр «Амма сакурата” диэн ааттыыллар. «Саха сакурата» атын улуустарга эмиэ үүнэр. Ол курдук, Кэбээйи улууһун Сэбээн-Күөл сэлиэнньэтигэр, Уус Маайаҕа, Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигитигэр, итиэннэ Өлүөхүмэҕэ баара билэр. Рододендрон сибэккитэ атын үүнээйилэртэн эрдэ тыллан баран, 10-ча эрэ хонук турар. Ол иһин бу кэрэ, дьикти көстүүлээх үүнээйи сибэккилээн турарын көрүөн баҕалаах ахсаана элбии турар.

Кэнники кэмҥэ тоһутан ылан, эбэтэр уктары көһөрөн, дьиэлэригэр илдьэ бараллара элбээтэ. Бу cэдэх үүнээйи ахсаана аҕыйыырыгар тиэрдэр. Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн аҕыйаан эрэрэ тустаах дьону долгутар. Рододендрон көһөрүүнү тулуйбат үүнээйи, онон тиэргэҥҥэ олордор табыгаһа суох. Мээнэ сиргэ үүммэт, онон сэдэх үүнээйини харыстыыр наадалаах. Олохтоохтор этэллэринэн, үксүн “сакура” сибэккилиирин ыраахтан анаан көрө кэлбит дьон уктарын тоһутан, түөрэн, таарыйа бөхтөрүн хаалларан, айылҕаны киртитэн бараллар эбит.

Бу күннэргэ Амматааҕы лесничество үлэһиттэрэ “Саха сакуратын” харыстыырга анал акцияны ыыттылар. Кэрэ айылҕалаах Амма эбэҕэ төрөөбүт-үөскээбит, улааппыт дьон дойдуларыгар сыһыаннара ураты. Онон сынньана, сир астыы, бултуу кэлбит дьон айылҕа намчы кэрэтин харыстыырга дьулуһуохтаахпыт.

Быйыл дьыл хойутаан, рододендрон сибэккитэ саҥа арыллан эрэр. Урукку сылларга оруосабай былыт курдук ыраахтан тэтэрэн, кытаран көстөр буоллаҕына, билигин онон-манан сибэккилээн эрэр. Дойдубут маанылаах үүнээйитэ, киһини үөрдэр, кынаттыыр көстүүтэ үйэлэргэ үүнэ, чэчирии турдун!


Ыспыраапка

Даурскай рододендрон 18 көрүҥэ Арассыыйаҕа,  Кавказка, Сибииргэ, Уһук Илиҥҥэ үүнэр. Байкал таһыгар Даурия сириттэн тарҕаммыт. Ону тэҥэ, Монголияҕа, Кытайга, Кореяҕа, Сахалиҥҥа, Японияҕа баар.

 Ханна үүнэр сиригэр сөп түбэһэн, сороҕор сэбирдэхтэрэ түһэр, сылаас сиргэ кыһыннары күөх туруон сөп. 2 миэтэрэҕэ диэри уһуур. Сэбирдэхтэрин уһуна 5 см, кэтитэ 2 см. Сибэккитин биир умнаһыгар 15-25 болчуохтаах. Рододендрон 50-ча сыл үүнэр. Сүрэх-тымыр, сүһүөх, ис ыарыыларыгар эмп быһыытынан туттуллуон сөп.

Рододендроны сахалыы чэмпэрээк (багульник) диэн бутуйан ааттыыллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Айар Варламов түһэриилэрэ (Короленко хайатыттан).

Кэнники хаартыскаларга — Чита аттынааҕы сир. Интэриниэттэн ылылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0