Кэлиҥҥи сылларга саха ыччаттара наука эйгэтигэр актыыбынайдык кыттан, төрөөбүт Сахаларын сирин дорҕоонноохтук ааттатар буоллулар.
edersaas.ru
Бу туһунан Арассыыйа наукаларын академиятын Саха сиринээҕи Научнай киинин 70 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ бэлиэтээтилэр.
Научнай киин суолталаах үбүлүөйүн чэрчитинэн ыытыллар «Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи отделениетын Саха сиринээҕи научнай киинэ» диэн ыччат бастакы кэмпириэнсийэтигэр Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх Светлана Яковлева кыттыыны ылла. Кини Тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн баран, билигин Тыа хаһаайыстыбатын научнай институтун аспиранын быһыытынан научнай үлэтин оҥоро-оҥоро, институкка лаборанынан үлэлиир.
— Мин Тыа хаһаайыстыбатын научнай институтун гельминтология лабораториятыгар үлэлиибин. Түөрт сылы быһа сүрүннээн дьиэ сүөһүлэригэр паразиттар үөскүүр усулуобуйаларын, кэмнэрин уонна ону утары туох үлэни ыытыахха сөбүн үөрэтэбин. Үлэбин түмүктээтэхпинэ, биологическай наука кандидатын степенин көмүскүөҕүм. Тиэмэбинэн дойдубар Бөтүҥҥэ фермер Михаил Семенов хаһаайыстыбатын сылгыларын чинчийбитим. Үлэм сүрүн соруга – дьыл ханнык кэмигэр сылгыга лиистик үөскүүрүн үөрэтии. Биллэн турар, сайын, үөн-көйүүр, сахсырҕа сылгыны саамай буулуур кэмэ. Онон паразиттары үөскүүллэрин ордук саас уонна сайын үөрэтэр ордук. Сылгыны лиистиктэн харыстыыр сыалтан, сыл аайы паразит үөскээһинин бопсор үлэни ыытыахха наада. Хомойуох иһин, үгүс хаһаайыстыба оннук үлэни ыыппат. Онон сайыҥҥы кэмҥэ лиистик сылгыга араас үөнтэн-көйүүртэн хото үөскүүр. Түгэнинэн туһанан, сылгы, убаһа этин сиикэйдии сииртэн туттунарга сүбэлиэм этэ.
Бу маннык научнай кэмпириэнсийэлэр биһиэхэ, наукаҕа саҥа ылсан эрэр ыччаттарга, олус наадалаахтар. Биһиги, аспираннар, маннык научнай тэрээһиннэргэ кыттан, саҥаны, сонуну билэбит-көрөбүт. Наукаҕа ылсан үлэлиир ыччаттары истэн, кинилэртэн уопут ылабыт. Төһөнөн маннык научнай кэмпириэнсийэлэргэ кыттабыт да, оччонон инники үлэбитигэр олус туһалаах, — диэн бэлиэтиир Светлана Яковлева.
Ветеринарнай наука дуоктара, Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун гельминтология лабораториятын сэбиэдиссэйэ Людмила Коколова салайыытынан, 2018 сылтан быйылгы сылы быһа эдэр аспирант Светлана Яковлева Амма, Нам, Таатта уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын сылгы иитэр хаһаайыстыбаларыгар “стронгилят” диэн лиистик көрүҥүн үөрэппит. 15 убаһаны, 12 – үһүгэр диэри саастааҕы, 12 – түөрдүттэн үөһэ, 5 аҕыһыттан үөһэ саастаах сылгыны чинчийбит. Бары 100% лиистик “стронгилят” көрүҥүнэн сүһүрбүттэр. Уопсайа дьыл араас кэмигэр 455 төбө сылгыны чинчийэн баран, аспирант: “Сылгы ордук кулун тутартан саҕалаан атырдьах ыйыгар диэри лиистигинэн сүһүрэр эбит”, — диэн түмүгү оҥорбут.
Ити курдук, эдэр аспирант бэрт кэскиллээх үлэни ыытан, төрөөбүт дойдутугар наука үлэһитэ буолан, үгүс туһаны аҕалара чахчы.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.