Амма куолакала тыаһыыра чугаһаата

16.02.2022
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай ситиминэн Амма өрүс кытылынан маһы кэрдэн эрэллэрин туһунан иһитиннэрии өрөспүүбүлүкэни биир гына тилийэ көттө. Үгүс дьон ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут өрүс ойуурун кэрдэн эрэллэр эбит диэн соһуйа иһиттэ.

Олунньу 15 күнүгэр СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ  Амма өрүс үөһээ тардыытыгар кэрдиллиэ суохтаах маһы кэрдии саҕаламмыт диэн иһитиннэрии сөбө суоҕун, сымыйатын туһунан эттэ.

Бу күннэргэ Instagram  уонна Telegram-канаалларыгар  «Ангара» уонна «Вудленд24»  тэрилтэлэр Амма өрүһү кыйа маһы кэрдии саҕаламмытын туһунан  иһитиннэрии тарҕаммыта. Онно «эрэгийиэн салалтата умайбатах маһы кэрдэргэ уонна атыылыырга көҥүллээбит» диэн суруйбуттар. Ол эбэтэр сыыһа иһитиннэриини тиэрдэннэр  ааҕааччыларга атын санааны үөскэппиттэр.  Дьиҥэр, ити хампаанньалар  аукцион түмүгүнэн  ойуур учаастагын  арыандаҕа ылбыттар. Ол эрээри, дуогабарга ыйыллыбыт усулуобуйанан  сиппит-хоппут эрэ маһы кэрдиэхтээхтэр диэн. Оттон атыны кэрдиэ (защитные леса) суохтаахтар.

СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтин иһитиннэриитигэр, исписэлиистэр  быһаарбыттарынан  ойуурга сиппит-хоппут мас элбээтэҕинэ, ол сөбө суоҕунан ааҕыллар эбит, оннук мастар физиологическай туруктара мөлтүүрүн туһунан ыйбыттар. Онон сиппит-хоппут мас туһаныллыахтааҕын туһунан быһаарбыттар. Ойуурга төһөнөн  сиппит-хоппут мас элбиир даҕаны,  маһы-оту кэрбээччилэр  (үөннэр) элбииллэрин ааһан,   кууран-хатан баралларын туһунан суруйбуттар. Итинтэн сылтаан  ойуур баһаардара тураллар.

«Ойуур маһа сааһырар, кырдьар. Бу улахан кыһалҕа буолар. Бу уһуннук барар бырассыас, мас 140-150 сылынан ситэр-хотор.  Биһиги үс сыл устата судаарыстыбаннай бэрэбиэркэни ыыттыбыт, ол түмүгэр Саха сирин ойуурун 47 %-на  сиппиттэр-хоппуттар кэккэлэригэр киирэр. Бу  экологическай өттүнэн сэрэхтээх. Ол эбэтэр, буорахтаах буочука кэриэтэ, куйаас сайыҥҥа биирдэ күлүм гыналлар. Онон ойуур маһа сиппит-хоппут буоллаҕына, ону туһаҕа таһаарыллыахтаах. Саха сиригэр сиппит-хоппут мас кээмэйэ 35 мөл. куб м тэҥнэһэр,  сылга баара-суоҕа мөлүйүөнтэн аҕыйах куб м эрэ кэрдиллэр. Оттон сыл аайы 34 мөл. куб м мас ситэр-хотор», — диэн  «Российская газета» хаһыакка  РФ  ойуурун үтүөлээх үлэһитэ, Рослесинфорг  филиалын салайааччыта Саргылаана Аммосова  санаатын эппит.

Санатар буоллахха, тустаах хампаанньалар дуогабардарын быһыытынан  маһы кэрдэн баран, бэйэлэрин үптэринэн-харчыларынан ойууру чөлүгэр түһэриэхтээхтэр.  2021 сыл түмүгүнэн Саха сирин үрдүнэн 10 тыһ. кэриҥэ  мас олордуллубут.

Кэрдиллиэхтээх учаастак өрүстэн 30 км ыраах 

 

СӨ кылаабынай лесничэйэ Сергей Сивцевтэн ыйыппыппар, «Билигин онно маһы соҕотуопкалааһын саҕалана илик. Бу күннэргэ Алдан иниспиэксийэтэ тахсан, тустаах учаастагы көрдө-иһиттэ, ханнык да үлэ барбакка турар. Онон ити социальнай ситиминэн сымыйа сураҕы ыыттылар, хаартыската кытта атын сир киэнэ.  «Ангара» уонна «Вудленд24» хампаанньалар аукцион быһыытынан кыттан, сири арыандалаабыттара. Хаһан үлэлииллэрин бу диэн этэр кыаҕым суох. Ону бэйэлэрэ билэллэр. Амма өрүс кытылынан маһы кэрдэн эрэллэрэ эмиэ сымыйа, кытыл аттынааҕы ойуур ирдэбил  быһыытынан тыытыллыбат. Кэрдиллээхтээх ойуур Үөһээ Аммаҕа уонна өрүстэн 30 км (3 көс) ыраах учаастакка баар», — диэн эппиэттээтэ.

Амма өрүс ураты экосистиэмэтэ

Амма өрүс уһуна 1462 км, сүнньүн иэнэ (бассейна) 69 300 кв. км.  Өрүс былаһын тухары  195 бөдөҥ (10 км тахса усталаах) үрэхтэр уулара түһэр. Амма өрүс  Саха сирин биир саамай кэрэ көстүүлээх  өрүһэ буоларын бары диэн бэркэ билэбит. Кини төрдө “Амгинский хребет” диэн ааттанар үрдүк таас хайалардаах сиртэн,  Өлүөхүмэ оройуонуттан,  саҕаланар.

Амма  сүнньүгэр  40-ча үүтүнэн аһааччылар үөскээн-ууһаан олороллор, олор истэригэр күндү түүлээх саарба баар. Улахан кыыллартан кэрэ быһыылаах-таһаалаах кулааһай кыыл сөбүлээн олохсуйар. Соторутааҥҥа диэри хайаларыгар сэдэхтик көстөр чубуку да баара.  64 көтөр аймах бииһин ууһа  таарыйан ааһарыттан, 57-тэ  Амма өрүс түбэтигэр олохсуйан уйаланар. Амма сиригэр 300-тэн тахса үүнээйи көрүҥэ  үүнэр, итилэртэн 27 көрүҥ сэдэхтэрин ааһан, манна эрэ үүнэр ураты айылгылаахтар (эндемичнай). Холобур, Амма кыабыката (горец амгинский) манна  эрэ үүнэр. Сэдэхтэртэн,  чуолаан, доруобуйаҕа  туһалаах, эмтээх бөрө сиир ото (вздутоплодник сибирский), көмүс силис (золотой корень) уонна хасхара (рододендрон золотистый) түөлбэнэн үүнэллэр.  Амма өрүс сиригэр-уотугар адьас сэдэхтик көстөр 9 үүнээйи көрүҥүн (сообществоларын) булан турабыт. Итилэртэн саамай кэрэхсэбиллээҕинэн буолаллар: ыылаах харыйа (пихта),  сыалаах мас (кедр), тирэх (тополь), болбукта (кедровый стланик), хасхара (рододендрон золотистый).  Таас хатыҥа болбукталыын холбуу лабыкталаах сиргэ үүммүтэ эмиэ баар. Кинилэр уратылара диэн  — хотугу уонна соҕуруу тайҕа үүнээйилэрэ сэргэстэһэ үүммүттэрэ (симбиоз) буолар. Амма  өрүс ураты айылҕалаах сир-уот.

 

Тыала суохха — мас хамсаабат

2020 сыллахха  Амма өрүс баһыгар ойууру уһун кэмҥэ  кэрдэр үлэ саҕаланан эрэрин туһунан иһитиннэрииттэн Амма улууһун олохтоохторо эрэ буолбакка, Саха сирин дьоно-сэргэтэ бары аймаммытара. Саха сирин биир саамай кэрэ айылҕалаах, Кыыс Амма диэн ырыаҕа ылланар, ураты экосистиэмэлээх өрүһү тутан турар баараҕай тулааһын мастары кэрдэн эрэллэрэ, биллэн турар, олус хомолтолооҕун туһунан нэһилиэнньэ санаатын аһаҕастык этиммитэ. Мантан сылтаан Амма маһын кэрдии тохтообута. Оттон билиҥҥи туругунан сотору саҕаланыах курдук.

Онон бэрт сотору аммалар Амма куолакалын тыаһатар буолуохтаахтар. Аан дойду устуоруйатын сэгэтэн көрүөххэйиҥ эрэ.  Муус устар 22 күнэ – Аан дойдутааҕы  Ийэ Сирбит күнэ.   Ийэ Сир күнүн бэлиэтиир маҥнайгы аахсыйа 1970 сыллаахха Америка холбоһуктаах штаттарыгар ыытыллыбыт. Эһиилигэр Нельсон сенатор «Сир нэдиэлэтэ» диэни тэрийэн ыыппытын Америка нэһилиэнньэтэ ис сүрэҕиттэн ылыммыт. Оттон Арассыыйаҕа бу күнү 1990 сылтан бэлиэтииллэр.  Бу Аан дойдутааҕы Ийэ сир күнүгэр Аан дойду куолакалын тыаһатар ураты  үгэс баар. Куолакалы тыаһатан Ийэ сирбитин харыстыырга ыҥыраллар. Арассыыйа куолакала  аан бастаан Москва куоракка турбута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0