“Амма” кэпэрэтиип сыллааҕы былаанын толордо

Ааптар: 
27.01.2020
Бөлөххө киир:

Хас улуус ахсын олохтоох бородууксуйаны оҥорууга быһаарар оруолу ылар хаһаайыстыбалар бааллар.

edersaas.ru

Амма улууһугар оннук тэрилтэнэн үлэ-хамнас хас да көрүҥүн тэрийэн олорор, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ И.Н. Емельянов аатын сүгэр «Амма» ТХПК буолар. Кэпэрэтиип араас таһым­наах быыстапка-дьаарбаҥкаларга сыллата ситиһиилээхтик кыттар. Ол курдук, ааспыт күһүн ыытыллыбыт „Ас-үөл — 2019“ тыа хаһаайыстыбатын өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкатыгар Амма сыыра үһүс миэстэни ылбыта, барыанньата бастаабыта. Оттон Москубаҕа, Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатын 80 сыллаах үбүлүө­йүгэр анаммыт „Көмүс күһүн“ Бүтүн Арассыыйатааҕы агропромышленнай быыстапкаҕа сыыра уонна арыыта кыһыл көмүс мэтээлинэн бэлиэтэммиттэрэ. Кэпэрэтиип күннээҕи үлэтин-хамнаһын туһунан салайааччы Айысиэн Черноградскай маннык кэпсиир:


Биир кэлим соҕотуопсук буоламмыт, улуус бары хаһаайыстыбаларын кытары үлэлиибит. Бөтүҥ, Болугур, Соморсун, Абаҕа, Покровка, Сатаҕай, Сэргэ Бэс, Эмис уонна Чакыр курдук бөдөҥ хаһаайыстыбалардаах нэһилиэктэргэ саҥа кыстык хотоннор тутуллубуттара биһиги үлэбитигэр улахан тирэх буолла. Ааспыт 2019 сыл устатыгар
5 750 т үүтү, 132 т эти тутан, былааммытын толордубут. Үүтү уонна эти астыырбыт таһынан ыраас ууну кутабыт, сир аһын соҕотуопкалаан сироп, барыанньа, утах оҥоробут. Кэлиҥҥи сылларга Голландия технологиятынан сыыры астааһыны баһылаатыбыт, бу салааны кэҥэтэн, кэлэр өттүгэр сыыр „халлуми“ диэн түргэнник буһар уонна иҥэмтиэлээх эттиктэринэн баай көрүҥүн боруобалаан көрөр санаалаахпыт. Ону таһынан, эти ыыһыырга ылсыахпыт. Сир аһын үүнүүтэ мөлтөһүөр буолан, дьэдьэни уонна отону арыый аҕыйаҕы соҕотуопкалаатыбыт. Манна тутар сыана намыһаҕа эмиэ эпсибит буолуохтаах.
— Бородууксуйаҕытын ханна батараҕыт?
— Аспытын-үөлбүтүн улуус киинигэр баар маҕаһыыннарбытыгар уонна нэһилиэктэргэ таһаарабыт, онон бастатан туран, бэйэбит дьоммутун хааччыйабыт. Атын улуустарга эмиэ батарабыт, ол курдук, Дьокуускайга уонна Нерюнгрига салаалардаахпыт. Ааспыт күһүҥҥүттэн ыаллыы сытар улууспут киинигэр, Уус Маайа бөһүөлэгэр, маҕаһыын арыйан үлэлэтэбит: олохтоохтор үрүҥ аһы, эти хамаҕатык ылаллар. Онон, кэлэр өттүгэр кинилэри кытары хортуоппуйга уонна сир аһыгар үлэлиир баҕалаахпыт.


— Үүт сыанатыгар нэһилиэнньэттэн элбэх ыйытыы киирэн эрдэҕэ.
— Биир киилэ үүтү 45 солк. тутабыт, бу иһиттэн 35 солк. субсидия харчыта буолар, кэпэрэтиип 10 солк. угар. Мантан үрдэтиэҕи баҕарбыт да иннигэр, кыайтарбат. Оттукка-уматыкка, уопсайынан туохха барытыгар сыана ыарыы турар. Онуоха эбии 2019 сылтан 100 мөлүйүөн солкуобайтан элбэх дохуоту аахсар тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрэ эбиллибит сыана нолуогун (НДС) төлүүллэрэ олохтонон, тыа хаһаайыстыбатын кэлим нолуогар уонна страховкаҕа харчы биэрэрбит таһынан, ити НДС эбиллэн, төлүүрбүт 2,5 төгүл үрдээтэ! Инньэ гынан, бөҕөргүөхтээҕэр таҥнары түһэр кутталланныбыт.
Иллэрээ сыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эккэ субсидия көрүллүбүт буоллаҕына, ааспыт сылга ол суох буолла. Ити курдук, араас кыаһылыыр кыһалҕалары көрүстэрбит даҕаны, үүтү-эти туттарааччыларбытын дохуоттуур туһугар үлэбит-хамнаспыт тэтимин ыһыктыбаппыт. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин куонкуруһугар кыайаммыт, Болугур нэһилиэгэр симиэнэҕэ биэс туонна үүтү астыыр собуот тутуутун гранын ыллыбыт. Мантан саас ону олоххо киллэрэргэ үлэлиэхпит.
— Үлэһитинэн хааччыллыыгыт хайдаҕый?
— Үлэһиттэринэн, исписэлиистэринэн толору хааччыллан олоробут. Кэлэктииппит 70 бырыһыана эдэр дьон. Соҕотуопкалыыр-астыыр салаа сүүрүүтэ-көтүүтэ элбэх, сүгүүтэ-көтөҕүүтэ ыарахан буолан, дэбигис киһи тулуйбат үлэтэ. Инньэ гынан, үлэһиттэрбитин төһө кыалларын өйүү, үлэлиир усулуобуйаларын тупсара сатыыбыт. Саҥа технологиялар тэтимнээхтик киирэн иһэллэринэн, исписэлиистэрбит кэмиттэн кэмигэр Дьокуускайга идэлэрин таһымын үрдэтэллэр. Түгэнинэн туһанан, кэмигэр оҥорор көмөлөрүн иһин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, „Сахаагропродукт“ кэпэрэтиипкэ уонна „Туймаада“ агрохолдиҥҥа махтанабын.

Амматтан Алтаана Артемьева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0