“Амма” кэпэрэтиип нэһилиэнньэни толору хааччыйар

Ааптар: 
15.01.2020
Бөлөххө киир:

Амма улууһун олохтоохторо «Амма» кэпэрэтиип маҕаһыыннарыгар сөбүлээн сылдьаллар.

edersaas.ru.

Кэпэрэтиип бородууксуйата (үүт-эт аһылыктар, барыанньа, ыраас «Амма уута» о.д.а.) улуус киинигэр «Эт-үүт», «Сулус» маҕаһыыннарга итиэннэ биирдиилээн чааһынай маҕаһыыннарга атыыланаллар. Бу тэрилтэни 2015 сылтан Айыысиэн Черноградскай салайар.

Ааспыт 2019 сылга кэппэрэтиип 5750 туонна үүтү, 120 туонна эти тутан астыыр былааннаах үлэлээтэ. Нолуокка улахан кээмэйдээх эбии төлөбүрдэр киирэннэр, оттук-уматык сыаналара үрдүү турар буоланнар, балаһыанньа төһө да сыллата ыараан истэр, кэлэктиип бары күүһүн ууран туран үлэлиир, онон ситиһиилэр да кэлэ тураллар.
Ол курдук, “Ас-үөл — 2019” өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Амма сыыра үһүс, отон бородууксуйата бастакы миэстэлэри ылбыттара. Москубаҕа буолбут «Көмүс күһүн» Бүтүн Арассыыйатааҕы агропромышленнай быыстапкаҕа Амма сыыра уонна арыыта кыһыл көмүс мэтээлинэн бэлиэтэммиттэрэ.

Быйыл Болугурга биир симиэнэҕэ биэс туонна үүтү астыыр кыамталаах собуот тутуллар буолбута эмиэ биир кыайыы буолар. Бородууксуйаны батарыы, атыы-эргиэн барыыта эмиэ туспа боппуруос. Бу сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн эккэ субсидия көрүллүбэтэ. Дьон аҕыйах эти туттарда, төлөбүрэ ыараата. Дьиэ-уот эргэриитэ, дьон үлэлиир усулуобуйата уустугуруута эмиэ баар суол.

—Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы ыйдааҕы этиитигэр үүт сыанатын үрдэтэр туһунан бэлиэтээбитэ нэһилиэнньэни үөрдүбүт буолуохтаах. Харчы сүөһү төбөтүнэн буолбакка үүт сыаната үрдүүрүгэр көрүллэрэ сөптөөх. Сүөһү ахсаанынан биэрдэххэ, үүт туттарыытын былаана кыччыыр. Биһиги дьоммут-сэргэбит үлэлээх-хамнастаах уонна астаах-үөллээх буолуохтаахтар диэн сыаллаах үлэлиибит. Этинэн уонна үүтүнэн бородууксуйаны төгүрүк сыл устата оҥорон таһаарабыт, бэйэбит улууспутун толору хааччыйабыт, атын улуустары кытары эмиэ үлэлэһэбит. Нерюнгри, Дьокуускай куораттарга, Уус Маайаҕа нэһилиэнньэ биһиги аспытын-үөлбүтүн хамаҕатык ылар. Онон тирэх хаһаайыстыбаларбыт, үлэлиэн баҕалаах дьоммут, хамаандабыт баар, – диэн этэр кэпэрэтиип салайааччыта Айыысиэн Черноградскай.

Алтаана Артемьева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0