Амма Эмиһигэр “Ил Эйэ муостатын” тутан бэлэх ууннулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Амма улууһун Эмис нэһилиэгин ытыктанар ыала Павел уонна Прасковья Николаевтар оҕолоро, сиэннэрэ “Ил Эйэ муостатын” тутан бэлэх ууннулар.

Эмис нэһилиэгин биир ытыктанар дьиэ кэргэнэ, 66 сыл устата иллээх-эйэлээх ыал буолан олорор тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ Эмис нэһилиэгин, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Павел Прокопьевич, Эмис нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Прасковья Николаевна төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ нэһилиэктэригэр дьоһун бэлэх оҥордулар. Ол курдук уоллара СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Прокопий Николаев көҕүлээн, иилээн-саҕалаан, бииргэ төрөөбүттэрин, сиэннэри түмэ тардан үйэлээх тимир муостаны дьэндэтэн кэбистилэр. Куду үрэҕи туоруур мас муоста эргэрэн, дьон да, техника да сылдьарыгар бэрт кутталламмыта. Онон уопуттаах муоста тутааччы Прокопий Николаев бу муоста уларыйарыгар санаатын ууран уларытарга былааннаабыта. Ону бииргэ төрөөбүттэрэ, төрөппүттэрэ да үөрэ истэн тутуу саҕаламмыта. Муостаны төрөппүттэрэ бииргэ олорбуттара 66 сылынан, ону сэргэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын көрсө, саха ыалын кэскилин түстүүр “Ил Эйэ” муостата диэн ааттаатылар.

“Бу муоста олоххо киирбитэ олус үөрүүлээх. Мин кэргэмминээн дойдубутугар сирдэрбэккэ дьон туһугар үлэлээн кэлбиппит. Куду алааспыт олохтоохторо бары үтүө дьоннор, толоругастар. Дьоҥҥо туох эрэ туһалааҕы оҥорбут, дьон үчүгэй буоларын туһугар диэн санаанан салайтаран олорон кэллибит, оҕолорбутун оннук ииппиппит. Бу муоста тутулларыгар биэс уолум, кыыһым, күтүөтүм олус күүскэ үлэлээтилэр. Муостабытын мээнэ “Ил Эйэ” диэн ааттаабатыбыт. Биһиги Прасковья Николаевналыын 66 сыл устата иллээхтик , эйэлээхтик олорон кэллибит. Эйэ эрэ баар буоллаҕына, туох баар ыарахаттары барытын кыайыахпыт. Эйэ эрэ баар буоллун. Онон оҕолорум бу муостаны тутан олоххо киллэрбиттэригэр махтанабын. Бука бары эйэлээх буолуоҕун”, — диэн 90 сааһыгар үктэммит Павел Прокопьевич санаатын этэн биир дойдулаахтарыгар тириэртэ.

Муоста дьэ чахчы да сүрдээх үйэлээх буолбут. Тимир конструкциялаах, сатыы сылдьар киһи тратуардаах. Кэтитэ 6,5 миэтэрэ, устата 16 миэтэрэ, сардаана сибэккилэринэн киэргэммит, байылыат олоҕу түстүүр оһуордаах. Аны киэһэтин уотунан күлүмүрдээн или-эйэни түстүү, сылааһынан угуйар.

«Амма олоҕо» хаһыаттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0