Амма ураты дьоҕурдаах оҕото Настя Новикова быйыл Чакыр орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнэн бүтэрдэ. Кини харандааһы илиитигэр таба тутар буолуоҕуттан, ол аата балтараа саастааҕыттан, уруһуйдуур эбит.
Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Дьиктитэ баар, сааһыттан тутулуктанан, айар-суруйар тиэмэтэ уларыйар: кыра сылдьан аты, сылгыны сөбүлээн уруһуйдуура үһү. “Кэргэммин кытта оҕобут биир саастааҕар, таһырдьа салгын сиэтээри, кэлээскэҕэ олордон уулуссанан баран иһэммит, арай, биирдэ өйдөөн көрбүппүт — кыыспыт чыпчылыйыах икки ардыгар сиргэ бэйэтэ түһэ охсон, кулунчугу имэрийэ, таптаан ымманыйа турар эбит. Мин кулунчук тэбиэ диэммин олус куттаммытым, уолуйбутум. Ону, хата, кэргэним “соһутума” диэн буойан уоскуппута...” — диэн кэпсиир Настя ийэтэ Амгалена Афанасьевна.
Настяны панно технологиятыгар учуутал Ефросиния Владимировна Иванова дьарыктыыр. Сылгы сиэлин дьүһүнүнэн арааран, Дьөһөгөй айыы оҕотун сиэдэрэйдик оҥорон таһаарарга үөрэммит. Сиэли бэстилиэт килиэйинэн сыһыарар. Былырыын “Айыы Намыһын ырыаһыта Чээбий” диэн олоҥхону сиэлинэн дьүһүйүүтэ технологияҕа бастаабыт. Социалистическай Үлэ Дьоруойа, сылгыһыт Тимофей Лукин 100 сыллаах үбүлүөйүгэр үлэлэрин туруорбут. “Сахабулт” концерн куонкуруһугар булчуту уруһуйдаабыт үлэтин ыыппыт.
Кэлиҥҥи сылларга аны бөрөҕө ордук тардыстар буолбут. Ол тоҕотун Настя бэйэтэ кыайан быһаарбат. Ис-иһиттэн бэйэтэ тахсар үһү. “Икки атахтаах өстөөҕө, тыа хаһаайыстыбатыгар сүдү хоромньуну аҕалар ардай аһыылаах адьырҕа, сиэмэх” диэн кэпсиир-суруйар кыылбыт уруһуйдьут кыыс ойууларыгар букатын атын өттүттэн көрдөрүллэр. Ийэтэ билиһиннэрэринэн, Настя ханнык сиргэ-дойдуга туох кыыллар үөскүүллэрин ааҕа билэр.
Новиковтар дьиэ кэргэнинэн айар куттаахтар: Амгалена Афанасьевна дизайҥҥа үөрэммит, кулуупка оформлениеҕа үлэлиир, оттон ыал аҕата Герасим Дмитриевич – худуоһунньук, Дьокуускайга сэлии түмэлигэр реставратор-лаборанныыр. Кыра кыыс Намыына иистэнэрин сөбүлүүр. Улахан кыыс Настя уруһуйдуурун таһынан хомуска оонньуур, талааннаах эдэр хомусчут Айсен Аммосовка дьарыктанар.
Амгалена Афанасьевна этэринэн, Настя оҥоһуктара курдат бэлэххэ-туһахха бараллар, иэйэн олорон оҥорор айымньыта ордук табыллар. Оскуолаҕа бииргэ үөрэнэр оҕолорун мэтириэттэрин көрөн олорон уруһуйдаан биэрэр эбит. Биһиги көрөн турдахпытына, таптыыр бөрөлөрүн аҕыйах мүнүүтэ иһигэр тардыалаан кэбистэ. Сотор эрэһиинэлэнэн эҥин мачайдаммат, суругу суруйар курдук, сурааһыннары судургутук, имигэстик, үөрүйэх баҕайытык сүүрэлэтэн уруһуйдуур. Кэнэҕэс Настя Новиковаттан ураты буочардаах худуоһунньук тахсар чинчилээх. Ону, этэргэ дылы, олох бэйэтэ көрдөрүө.
Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.