Амма Чакырыгар Аҕа түмсүүтэ оҕолоругар хатааһылыыр сыыр оҥордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл Амма улууһугар Аҕа сыла биллэриллибитэ. Онон араас нэһилиэктэргэ ыал аҕалара оҕолоругар анаан сынньанар сир арааһын оҥорорго толкуйдаан эрэллэр.

Сааскы ылааҥы күннэр саҕаланан, Чакыр нэһилиэгин аҕалалара түмсэн, оҕолоругар хатааһылыыр сыыр оҥордулар.

Нэһилиэк баһылыга Прокопий Прокопьев бэлиэтииринэн, аҕалар турунан туран үлэлээтилэр.

«Барыта оҕолорбут туһугар, кинилэр сааскы салгынынан  дуоһуйа тыынан, доруобуйаларын бөҕөргөттүнэр«, — диэн хас биирдии аҕа оҕолорун санаан бу суолталаах тэрээһиҥҥэ кытынна.

Бу курдук бары күргүөмүнэн сылдьан, Чакыр нэһилиэгин аҕалара үгүс үлэни ыытар былааннаахтар.

Аммаҕа Аҕа сылыгар  ыал аҕалара көхтөөх үлэни саҕалаатылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

Хаартыскалары баһылык Прокопий Прокопьев тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0